Усуйаанаҕа суол быһылааныгар снегоходтаах киһи эчэйдэ
25.11.2023, 12:18
https://t.me/gibdd14
Бөлөххө киир:
Усуйаана оройуонугар Уус Куйга бөһүөлэгэр Зеленай уулуссаҕа 1982 с. төрүөх киһи снегоходунан айаннаан иһэн Lada массыынаҕа суолу биэрбэккэ, суол быһылаана таҕыста.
Ол түмүгэр төбөтүгэр уонна илиитигэр-атаҕар араас эчэйиини ылан снегоходтаах киһи балыыһаҕа киирдэ. Кини этэринэн, туора суолтан сүрүн суолга киирэн эрэ баран «Нива» массыынаны көрбүт. Массыыналаах киһи харсыһартан туоруу сатаан уҥа диэки кытыыга уруулун эрийэ туппут эрээри, буран кэлин өттүн таарыйбыт.
Бу дьон арыгы испэтэхтэр. Суол быһылаанынан бэрэбиэркэ ыытыллар.
Суоппардар, суолга сэрэхтээх буолуҥ диэн ИДьМ Госавтоиниспиэксийэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениета иһитиннэрдэ.
+1
+1
3
+1
+1
1
+1
2
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: