Усуйаанаҕа уонна Өлөөҥҥө сүппүт дьону көрдөөһүнү тохтоттулар
Усуйаана уонна Өлөөн улуустарыгар сүппүт дьону көрдөөһүн түмүктэммитин туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Уус-Куйгаттан 8 км тэйиччи Дьааҥы өрүскэ оҥочо түҥнэстиитигэр биир киһи быыһаммыта, үс киһи тимирбитэ. Тимирбит дьон көрдүү атырдьах ыйын 23 күнүгэр Быыһыыр Сулууспа икки водолаһа барбыта. Атырдьах ыйын 30 күнүгэр биир киһи өлүгүн булбуттара. Икки киһини көрдөөн баран булбатахтара, онон балаҕан ыйын 9 күнүгэр көрдөөһүн үлэтэ түмүктэммит.
Атырдьах ыйын 31 күнүттэн балаҕан ыйын 9 күнүгэр диэри Өлөөн улууһугар 1996 с.т. эр киһини быыһааччылар көрдөөбүттэрэ. Кини от ыйын 21 күнүгэр дьиэтиттэн тахсан баран төннүбэтэх. Киһи сүппүтүн туһунан от ыйын 26 күнүгэр биллэрбиттэр. Көрдүүр үлэни улуус дьаһалтатын күүһүнэн саҕалаабыттар. Онтон атырдьах ыйын 31 күнүттэн СӨ Быыһыыр сулууспатын икки быыһааччыта кыттыспыт. Инньэ гынан барыта 150-чэ киһи көрдөөбүт — квадроциклынан, матасыыкылынан, катерынан, пилота суох көтөр аппараатынан. Туох баар үүтээннэри, баазалары, тыаны барытын кэрийбиттэр да, эр киһи көстүбэтэх.Онон балаҕан ыйын 9 күнүгэр көрдүүр үлэ түмүктэммит.
«Бу түбэлтэҕэ киһи от ыйын 21 күнүгэр сүппүт, оттон ол туһунан от ыйын 26 күнүгэр биирдэ иһитиннэрбиттэр. Ол гынан саамай туһааннаах кэми куоттарыллыбыт. Бастакы күннэргэ сүппүт киһи ханна барбытын, бүтэһик ким көрбүтүн быһаараҕын. Онон киһи сүттэ даҕаны түргэнник биллэрэ охсор наада», — диэн СӨ Быыһыыр сулууспатын профилактикаҕа начаалынньыга, көрдүүр үлэни сүрүннээбит Геннадий Алексеев иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: