Уонча сыллааҕыта Арассыыйа эрэгийиэннэригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннүүр пуондалар тэриллэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр тыһыынчанан дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна.
2023 сылга – 240 дьиэ
Дойду үрдүнэн олорор дьиэ тутуута тэтимнээхтик ыытыллар эрээри, ааспыт үйэҕэ тутуллубут «хрущевкалар», КПД-лар итиэннэ мас дьиэлэр лаппа эргэрэн, баһыйар үгүстэрэ саахалланар туруктаахтар. Онон, эргэ дьиэлэри кэмиттэн-кэмигэр өрөмүөннээн, саҥардан эрэ биэрдэххэ “сулууспалыыр” үйэлэрэ уһаан биэрэр. Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ дьиэ сыбаайатын, акылаатын, сарайын, эркинин оҥоруу, бөҕөргөтүү, инженернэй ситимин, лииби, болкуону саҥардыы, тас эркинин кырааскалааһын киирэр.
2023 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх кыбартыыралаах 240 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Ол иһигэр Дьокууускайга, Нерюнгрига, Жатайга итиэннэ Алдан, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Ленскэй, Мииринэй, Аллараа Халыма, Ньурба, Өймөкөөн, Томпо, Уус Маайа, Хаҥалас улуустарыгар.
«СӨ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһин пуондата» НКО үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, сыллата хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыытын кээмэйэ улаатан иһэр. Холобур, 2022 сылга 188 эбийиэк өрөмүөннэммит эбит буоллаҕына, 2023 сылга номнуо 52-нэн эбиллибит.
Саамай элбэх үлэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар ыытыллар. Холобур, Дьокуускайга 1954 сыллаахха Ленин проспегын 21-гэр тутуллубут дьиэ ис-тас өттө эргэрэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһин иитинэн, былырыын “Гранада” ХЭУо хоруобуйатын (кровля) уларытан оҥорбуттара.
Эмиэ былырыын Дьокуускайга Чернышевскай уулуссаҕа ыаллыы турар икки түөртүү мэндиэмэннээх дьиэлэри өрөмүөннээбиттэрэ. Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын үлэһиттэрэ кэпсээбиттэринэн, 1974 сыллаахха тутуллубут дьиэлэргэ бу сыллар тухары хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбатах. Онон, Чернышевскай уулусса 8-гар баар дьиэтин панелларын икки ардыларынааҕы сииктэрин сылааһы тутар гына оҥорон биэрбиттэр, акылаатын таһыттан бүрүйбүттэрэ, дьиэҕэ киирэр кирилиэстэри, ааннары уларыппыттар, болкуоннары өрөмүөннээбиттэр, эркиннэри кырааскалаабыттара.
Быйылгы былаан баһырхай
2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 300 дьиэни өрөмүөннүүр былааннаахтар. Ол иһигэр Абый улууһугар Белай Гораҕа, Алдан оройуонун киинигэр, Томмокко, Аллараа Кураанахха, Лебединэйгэ, Булуҥ улууһугар Тиксиигэ, Үөһээ Халыма Зырянкатыгар, Ленскэй, Мииринэй куораттарга, Светлэй, Айхал, Чернышевскай бөһүөлэктэргэ, Аллараа Халыма Черскэйигэр, Нерюнгри куоракка, Беркакит, Золотинка, Чульман, Хани, Серебрянай Бор бөһүөлэктэргэ, Ньурбаҕа, Уус Ньараҕа, Хаандыгаҕа, Уус Маайа Солнечнайыгар, Элдьикээҥҥэ, Петропавловскайга, Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор, Чурапчы сэлиэнньэтигэр уонна Дьокуускай куоракка.
Дьиэбит хаһан өрөмүөннэнэр?
Билигин ый ахсын хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүү олоробут. Ол гынан үгүс киһи дьиэлэригэр хаһан өрөмүөн ыытылларын чопчу билбэттэр. Ону билэр туһуттан кыбартыыра хаһаайыннара пуонда саайтыгар (www. fondkr. ru) киирэн дьиэлэрэ хаһан өрөмүөн былааныгар турарын көрүөхтэрин сөп. Холобур, Дьокуускай куорат Дзержинскэй уулуссатыгар баар 13-с нүөмэрдээх дьиэ үһүс куорпуһа былааҥҥа 2034 сылга турар. Бу дьиэ 1992 сыллаахха тутуллубут, иэнэ 4 537.47 кв. м. Бу дьиэҕэ уопсайа усунуос кээмэйэ 2 684 827.42 солк. тэҥнэспит.
1976 сыллаахха Дьокуускайга Халтурин уулуссатын 6/1 аадырыһыгар тутуллубут дьиэ өрөмүөнэ былааҥҥа киирэн, эһиил дьиэ илин өттүн (фасад) сылааһы тутар гына оҥоруохтаахтар. Сүрүн үлэ 2043 сылга оҥоһуллара күүтүллэр.
Усунуос кээмэйэ араастаһар
Саха сирин үрдүнэн тохсунньу 1 күнүттэн элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн усунуоһа 5% үрдээбитэ. Билигин элбэх кыбартыыралаах мас дьиэҕэ олорооччулар ыйга биир кв. миэтэрэ иһин 7,46 солк., лиибэ суох элбэх кыбартыыраалаах таас дьиэҕэ – 10,50 солк., лииптээх элбэх кыбартыыралаах таас дьиэҕэ – 13,95 солк. төлүүллэр.
Онон, Дьокуускай куоракка 112 сиэрийэлээх 63 кв миэтэрэ иэннээх кыбартыыраҕа олорооччулар ыйга, ортотунан, 661 солк., 48 кв. миэтэрэ иэннээх мас кыбартыыралаахтар 328 солк. төлүүллэр. Бу харчы хастыы да сылынан мунньуллан, өрөмүөн ыытылларыгар улахан күүс-көмө буолар. Инньэ гынан харчыбытын таах халтайга кута олорбоппут, барыта төннөн кэлэр, ол эбэтэр саҥардыы, өрөмүөн үлэтэ ыытыллар.
Сыыппара
Өрөспүүбүлүкэҕэ 300 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа
Төлөбүртэн кимнээх босхолоноллор?
Усунуоһу төлөбүрүгэр сорох категория гражданнарга чэпчэтиилэр бааллар. 2015 сыллаахха дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин 80-тан үөһээ саастаах дьон босхолоноллорун туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онон, ытык кырдьаҕастарбыт ыйдааҕы усунуоһу төлөөбөттөр. Маны таһынан, 70-тан үөһэ саастаах дьон, 1-2 группалаах инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолор усунуос сорох бырыһыанын эрэ төлүүллэр.
2023 сылтан чэпчэтиинэн туһанааччылар испииһэктэригэр уларыйыылар киирбиттэрэ. Инньэ гынан, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ усунуос 50 бырыһыанын төлүүллэр.
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…