«Утумнар» тэрийбит Саҥа дьыллара уратытынан сөхтөрдө
«Утум» хампаанньа Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө бэртээхэй тэрээһини тэрийдэ.
Саала оҕо-аймах саҥатынан чугдаарда! Төрөппүттэр оҕолорун, эбэлэр, эһэлэр сиэннэрин батыһыннаран кэлэннэр бырааһынньыкка сылдьан, араас тэрээһиннэргэ кыттан, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.
Чахчы да оҕолорго кэрэ, дьикти бырааһынньык буолла. Аниматордар бааллара өссө тупсарда. Таҥастара сиэдэрэйэ, эдэр оҕолор оонньуу-көр арааһын ыыталлара болҕомтону тардар. Мооруос оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын хас биирдии оҕо хоһоон аахпытын, ыллаабытын болҕомтолоохтук иһиттилэр, кими да матарбакка минньигэс астаах мөһөөччүктэн хостоон ыла-ыла түҥэттилэр. Күөн күрэс түмүгэ эмиэ ботуччу бэлэхтэрдээх буолла. Кыайыылаахтарга эҕэрдэ суруктар, бириистэр туттарылыннылар.
Онон сүргэни көтөҕөр, оҕолору үөрдэр бэртээхэй тэрээһини көрбүт дьон аатыттан «Утум» хампаанньаҕа махтанабын.
Кэтэһиилээх бырааһынньыгы көрсө дьоммут-сэргэбит дьиэлэрин аанын сиэдэрэйдик симээтилэр, харыйа оонньуурдарын оҥорон куонкурустарга кытыннылар.
Августина Владимирова-Хабарова.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: