«Утум» хампаанньа Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө бэртээхэй тэрээһини тэрийдэ.
Саала оҕо-аймах саҥатынан чугдаарда! Төрөппүттэр оҕолорун, эбэлэр, эһэлэр сиэннэрин батыһыннаран кэлэннэр бырааһынньыкка сылдьан, араас тэрээһиннэргэ кыттан, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.
Чахчы да оҕолорго кэрэ, дьикти бырааһынньык буолла. Аниматордар бааллара өссө тупсарда. Таҥастара сиэдэрэйэ, эдэр оҕолор оонньуу-көр арааһын ыыталлара болҕомтону тардар. Мооруос оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын хас биирдии оҕо хоһоон аахпытын, ыллаабытын болҕомтолоохтук иһиттилэр, кими да матарбакка минньигэс астаах мөһөөччүктэн хостоон ыла-ыла түҥэттилэр. Күөн күрэс түмүгэ эмиэ ботуччу бэлэхтэрдээх буолла. Кыайыылаахтарга эҕэрдэ суруктар, бириистэр туттарылыннылар.
Онон сүргэни көтөҕөр, оҕолору үөрдэр бэртээхэй тэрээһини көрбүт дьон аатыттан «Утум» хампаанньаҕа махтанабын.
Кэтэһиилээх бырааһынньыгы көрсө дьоммут-сэргэбит дьиэлэрин аанын сиэдэрэйдик симээтилэр, харыйа оонньуурдарын оҥорон куонкурустарга кытыннылар.
Августина Владимирова-Хабарова.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак иитинэн, Саха сиригэр 2019 сылтан доруобуйа харыстабылын 106 саҥа эбийиэгэ тутуллан…
2025 сыл үп-харчы өттүнэн тугу тосхойор, маанылыыр уонна сэрэтэр эбитий? Хой Хой бэлиэлээхтэр үбү-харчыны аҕалар…
2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ 22440 солк. быһыллыа. Бу саҥа сылга Арассыыйа үрдүнэн хамнас…
Саха сиригэр 95 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан түмүктэннэ. Мантан 17 оскуолата хотугу эргимтэҕэ сытар улуустарга…
Бу сарсыарда Эдьигээн улууһун Бэстээҕэр хочуолунай умайбытынан соторутааҕыта суһал ыстаапка СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников…
Биллэр Сэбиэскэй этнограф Андрей Александрович Попов «Получение шаманского дара у Вилюйских якутов» диэн кинигэтэ 1947…