Уу кэлиитигэр долгуйарга төрүөт суох

Уу кэлиитигэр долгуйарга төрүөт суох

12.05.2023, 21:30
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ социальнай ситим устун Бүлүүтээҕи ГЭС уу ыытар үһү, Ньурба улууһугар эвакуацияҕа бэлэмнэниҥ диэбиттэр диэн сурах тарҕаммыта.

Бүгүн, ыам ыйын 12 күнүгэр, күнүс 15:00 чааска, кырдьык, Бүлүү водохранилищетыттан ууну ыыттылар. Элбэх ууну ыытаннар ууга ыытыахтара диэн дьон-сэргэ айманар. Ууну ГЭС-тэн ыытыы туһунан Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын салайааччыта Петр Аргунов маннык кэпсээтэ:

— Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа билгэлээһининэн, иккис кыбаарталга Бүлүү водохранилищетыгар уу киириитэ 2600-3100 м3/с буолуохтаах, ол 130-160 % нуорматтан элбэх. Быйыл күһүн аһара элбэх ардах, кыһын хаар түһэн, уу-хаар элбэх. Ол иһин Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын муус устар 20 күнүнээҕи МРГ мунньаҕар Бүлүү водохранилищетын үлэтин бэрээдэгин быһаарбыта. Онно Бүлүү ГЭС-н гидротехническэй тутуутун үлэтигэр куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан сааскы халаан кэмигэр ГЭС-кэ уу эбии кииритэ 100 м3/с урдук буолбутун кэннэ 5-6 сууккатыгар уу ыытар туһунан быһаарыллыбыта.

Уу киириитин үрдээһинэ ыам ыйын 7 күнүттэн саҕаламмыта. Ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, Бүлүү водохранилищетыгар уу таһыма 237,93 м (суукка иһигэр 24 см үрдээтэ), уу эбии киириитэ 3880 м3сек. Ол иһин бүгүн водохранилищеттан 1800-2200 м3/сөк. ууну бырахтаран саҕалаатыбыт.

Бу ыытыллыбыт уу Сунтаарга 4 суукканан, Ньурбаҕа 5 суукканан кэлиэ. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа этэринэн,  бу уу көрдөрүүттэн 1 миэтирэ үрдүү буолуон сөп, харыы таҕыстаҕына  намыһах сирдэргэ уу тахсыан сөп диэн сабаҕалыыр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: