Уу суолунан 135,0 тыһыынча туонна таһаҕас тиэрдилиннэ

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйылгы сылга олоххо-дьаһахха туттуллар таһаҕаһы уунан тиэйии былаана 1 273 тыһыынча туоннаҕа тэҥнэһэр.

Балаҕан ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, барыта 1135,0 тыһыынча туонна тиэлиннэ, эбэтэр былаан 89 % туолла диэн СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт иһитиннэрэр. Ону кытта 961 тыһыынча туонна (75%) таһаҕас тиийиэхтээх миэстэтигэр тиэрдилиннэ. Ааспыт сылы кытары бүгүҥҥү күнү тэҥнээн көрдөххө, таһаҕаһы тиэйии былаан быһыытынан баран иһэр.

Билигин СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт Арктика өрүстэринэн таһаҕаһы тиэрдиини хонтуруолга тутар. Быйылгы навигацияҕа Арктика өрүстэринэн таһаҕаһы тиэйии былаана 361 тыһыынча туонна этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ, 344 тыһыынча туонна тиэллэн турар, ол былаан 95 %-нын ылар. Онтон 214 тыһыынча туонната тиэрдилиннэ.

Дьааҥы өрүһүнэн таһаҕаһы тиэйии ураты хонтуруолга ылыллан турар, манна былаантан кыратык хаалыы баар. Ол биричиинэтинэн, сайын уу түһэн, таһаҕастаах суудуна сырыыта харгыстаммыта буолар. Дьааҥы өрүһүнэн таһаҕаһы тириэрдии былаана 150 тыһыынча туонна. Бүгүҥҥү туругунан 159 тыһыынча туонна (105%) тиэллэн турар, итиэннэ 73 тыһыынча туонна (49%) тиэрдилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

32 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago