Уһук Илиҥҥи гектары ким ылыан сөбүй?

Share

Аҕыйах хонуктааҕыта “Саха “НКИК “Эйгэ”  биэриитигэр Хамсаабат баай-дуол тэрилтэтин салайааччыта Олег Пермяков кытынна.

Кини Уһук Илиҥҥи гектары ким ылыан сөбүй? — диэн ыйытыыга маннык хоруйдаата:

— Билэргит курдук, Уһук Илиҥҥи гектар 2016 с. үлэлиир. Онно бастаан саҕаланарыгар Уһук Илин олохтоохторо туһаналлар диэн этэ. Онтон 2017 с. Арассыыйа ханнык баҕарар олохтооҕо Камчаткаҕа, Владивостокка да буоллун, сир ылар кыахтаммыта. Саха сирин олохтоохторо Саха сиригэр ыла сатыыллар. Үгүстэр өбүгэлэрин сирин ылыахтарын баҕаралларын этэллэр. Биир киһиэхэ 1 гектар диэн эбэтэр кэлэктиибинэй диэн 10 гектарга диэри ылыахха сөп. Эбэтэр 14-тэн үөһээ саастаах пааспардаах оҕолор «Госуслуги» портал нөҥүө ылар эмиэ бырааптаахтар. НаДальнийвосток.рф саайка киирэргэ госуслугаҕыт паролунан киирэргит табыгастаах. Билигин ыарахана диэн каартата эрэйдээх соҕус курдук, сааҥсыйаларынан оннук буолла быһыылаах. Уһук Илиҥҥи гектары ылыан баҕарар киһи, бастатан туран, туох сыаллаах ыларын чуолкайдык билиэхтээх. Ким эрэ бултуур сиригэр үүтээн туттуон, ким эрэ оттуон, ким эрэ маҕаһыын арыйыан баҕарар… Тыа хаһаайыстыбатыгар оҕуруот олордуохтарын баҕараллар.

Бу Уһук Илиҥҥи ипотека, Ийэ хапытаалын курдук судаарыстыба өттүттэн бэриллэр кыаҕы туһаныахха дии саныыбын. Элбэх киһи өрүс кытыытыгар гектар көрдүүр эрээри, итилэр – өрүс, үрэх кытыллара сабыылаахтар. Дьиҥэр, сөпкө да саппыттар дии саныыбын. Саас уу кэлиитигэр ити үрэх кытыылара ууга бараллар. Уопсайынан, гектар туттуллар ньымата олус киэҥ.

Онон олус туһалаах биэрии буолла.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Куһунан-хааһынан эргинэр буолбуттар

Ньукуолун -- сахаларга кус сиир, сайыны көрсөр үөрүүлээх кэм. Ол эрээри, социальнай ситимҥэ кус-хаас атыылыыр…

14 минут ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ суол саахалыгар икки киһи эчэйдэ

Бэҕэһээ, ыам ыйын 20 күнүгэр, Ленскэй оройуонугар "Умнас" суол 5 км суол саахала буолла. Икки…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр көмүөл мууһа Кэбээйи, Дьааҥы, Орто Халыма оройуоннарыгар көхтөөхтүк устар

Саха сирин сиригэр-уотугар муус барыыта Кэбээйи, Дьааҥы уонна Орто Халыма оройоуннарыгар бэлиэтэнэр. Өлүөнэ эбэҕэ муус…

1 час ago
  • Быһылаан

Профлиискэ эмсэҕэлээбит понины быыһаатылар

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрбитинэн, бу ыйга Мархатааҕы бэтэринээринэй учаастакка сылгылары иитэр киһи сибээскэ тахсан көмөҕө…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Батамайы, Сииттэни, Арҕаһы уонна Сангаары уу ылар куттала баар

Кэбээйилэр халаан уутугар олохтоохтук бэлэмнэнэн олороллор, ол гынан баран, билигин даҕаны Батамайга, Сииттэҕэ, Арҕаска уонна…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска кыттыҥ

Бүгүн – Ырыа күнэ. “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥүттэн РФ Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр…

2 часа ago