Уулаах Ааҥҥа — үс сэргэ
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр нэһилиэк күнүн бэлиэтээтилэр. Бу күүтүүлээх күн олохтоохтор «Үс сэргэ» аһаҕас халлаан анныгар турар түмэл комплексыгар үс сэргэни туруордулар.
Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Михаил Матвеев сырдатта диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Түмэл комплекса нэһилиэккэ 2023 сыллаахха аһыллыбыта. Манна нэһилиэк дьаһалтатын үбүлээһининэн, үс сэргэ туруорулунна. Былыргы сэһэнинэн Маһары Баһыыкап Москваттан айаннаан кэлэн баран үс сэргэни туруорбута үһү, онно олоҕуран кини аатыгар сүгүрүйэн үс сэргэ туруорулунна. Бу үүнэр көлүөнэ историяны билэригэр-көрөрүгэр ананар», — диэн этэр кини.
Үс сэргэни туруорууга нэһилиэк баһылыга Егор Исаков, улуустааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Борис Протодьяконов, үөрэх управлениетын начаалынньыга Павел Аргунов, инфраструктураны сайыннарыы управлениетын начаалынньыга Алексей Мартынов, уо.д.а. кытыннылар.
Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: