Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар. Отонугар саахар, органческай кислоталар (лимоннай, яблочнай, бензойнай, щавелевай, уксуснай, хиннай, салициловай), С, РР битэмииннэр, каротин, гликозид вакцинин, эфирнэй арыы, антоцианнар элбэхтэр. Онон, уулаах отон сэбирдэҕэ да, отоно да медицинаҕа киэҥник туһаныллар.
Ол курдук сэбирдэҕин көөнньөрөн, оргутан ииктэтэргэ, ис ыарыйдаҕына, куртах аһыытын көбүтэргэ, хабах, быар, бүөр ыарыытыгар, хаан баттааһынын түһэрэргэ, дьарҕаҕа, ревматизмҥа, оттон сэбирдэҕин умнаһын кытары холбуу оргутан, хаан барыытын бохсууга тутталлара. Отонуттан утах оҥорон тымныйдахха иһиллэр.
Чэбдигирдэр утахтар
Отонтон ас буһарар уорганнар үлэлэрин тупсарар уонна аһамньыны көтөҕөр, быһата эти-сиини чэбдигирдэр утахтары оҥорон иһэ сылдьыахха сөп.
Бастакы ньыма: таас бааҥкаҕа буспут отону кутан оргуйбут тымныы уунан толоробут. Салгын киирбэт гына ыга хаппахтаан, сөрүүн сиргэ уурабыт. Биир ыйынан аһыы амтаннаах, кыһыл дьүһүннээх утах буолан тахсар.
Иккис ньыма: 3-5 устуука мята оту ууга оргутан сойутабыт. Онно буспут отону кутан, 3-4 нэдиэлэ устата туруорабыт.
Үһүс ньыма: 10 лиитирэ ууга 300-400 г саахары кутан, оргутабыт, ойутабыт. Итиэннэ отоҥҥо кутабыт.
Хомпуот
Биир лиитирэ ууга 0,5-1 киилэ саахары оргутан сироп оҥоробут. Таас бааҥка «санныгар» диэри отон кутабыт. Түгэҕэр уонна отон үрдүгэр 2-3 өлүүскэ лимону быһан угабыт. Онно эрдэ бэлэмнээбит итии сироппутун кутабыт. Итиэннэ бааҥкабытын 85 кыр. итии ууга угабыт – биир лиитирэлээх бааҥканы 15 мүн, 2 лиитирэлээҕи 25 мүн, үс лиитирэлээҕи 35-40 мүн.
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…