Уулусса үҥкүүтэ үгүс дьону түмтэ

Уулусса үҥкүүтэ үгүс дьону түмтэ

06.07.2024, 22:38
Хаартыска уонна видео - Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

«Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар кэмнэригэр Дьокуускай куорат киин болуоссаттарыгар араас дьону сэргэхситэр тэрээһиннэр буолан аастылар.

Биир оннук ыччаты түмпүт тэрээһининэн «Уулусса үҥкүүтүнэн» биллэр «брейк-данс» көрүҥэ буолар. Бу үҥкүү бэйэтин кэмигэр үс долгунунан аатыра сылдьыбыта:  бастакы — 1986—1988, иккис — 1998—2002 уонна  2008 — күн бүгүҥҥэ диэри. Доҕордоһуу болуоссатыгар буолбут брейк-данс күрэһэр хас да оскуола-хамаанда кыттыыны ыллылар.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кыргыттар эмиэ бу көрүҥүнэн дьарыктаналлар эбит.

Бу тэрээһини  араас көлүөнэ дьон интэриэһиргээн көрдүлэр.

Кэбээйи улууһуттан уоппускатыгар кэлбит нуучча тылын учуутала Дарья Мартынова ааһан иһэн дьон мустан турарыгар кэлбит уонна бу тэрээһини бүтүөр диэри көрдө. Кини санаата маннык буолла:

Брейк-данс үҥкүүгэ оскуола оҕолоро эмиэ кытыннылар. Субу-субу «Күөрчэх» диэн хос ааттаах уол тахсан күрэстэспитин көрөн, кинини булан кэпсэтэргэ сананным. Күөрчэх   санаатын маннык үллэһиннэ:

Күөрчэх тириэньэрэ Күн Күүрэй күөн күрэскэ хаста да кыттыыны ылла. Киниттэн интервью ылаары балачча өр кэтэстим. Киһим — үҥкүүлээн элээрдии!

Үҥкүүлээн бүтээтин кытта, дьэ кэпсэттибит.

Уулусса үҥкүүтүн 90-с сыллар бүтүүлэригэр Дьокуускайга ааттаах-суоллаах брейк-данс хоруолунан биллибит Иван Степанов дьүүллээтэ. Кини санаатын истиэҕиҥ.

Иван Степанов кыайыылаахтары маннык тала олордо.

Дьэ, уонна түмүккэ Москваттан кэлбит бочуоттаах ыалдьыт —«Азия оҕолоругар» брей-кинг успуордун  тиэхиньиичэскэй дэлэгээтэ  Дмитрий Ромашко санаатын кытта билистим. Кини бэйэтин суотабайыгар күрэстэһээччилэри уста олордо:

Дьэ, ити курдук, «Азия оҕолоро» оонньуулара брейк-данс күрэһин кыттыылаахтарын эрэ буолбакка, интэриэһиргээн көрбүт дьону барыларын сэргэхситтэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: