Уус Алдан Бээди нэһилиэгэр саҥа модульнай ФАП үлэлээтэ

Уус Алдан Бээди нэһилиэгэр саҥа модульнай ФАП үлэлээтэ

Ааптар:
28.08.2024, 12:30
Хаартыска: Уус Алдан киин балыыһатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Бээди нэһилиэгэр саҥа модульнай фельдшерскэй-акушерскай пуун (ФАП) үлэҕэ киирдэ.

Эбийиэк «Доруобуйа харыстабыла»национальнай бырайыак мэдиссиинэ бастакы сүһүөҕүн саҥардыы бырагырааматынан тутулунна. Бу туһунан Уус Алдан киин балыыһатын (ЦРБ) пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

Фельдшерскэй-акушерскай пуун тутуута быйыл сааскыттан саҕаламмыт уонна номнуо 1,5 мөл. солк. суумалаах оборудование атыылаһыллыбыт. Киэҥ дьиэҕэ бастакы мэдэссиинэ көмөтүн оҥоруохтара, ол иһигэр оҕо күүтэр дьахталларга  уонна саҥа төрөөбүт оҕолор патронажтар ыытыллыахтара. «Бу иннинэ Бээди сэлиэнньэтин эргэ балыыһа дьиэтэ 2017 сылга саахалланар уонна хаарбах туруктаах буолан сабыллыбыта», — диэн Уус Алдан киинин кылаабынай бырааһа Анна Петрова кэпсиир.

«Оччолорго мэдиссиинэ пуунун успуорт комплексын дьиэтигэр тэрийбиппит. 2019 сылга «Доруобуйа харыстабыла»национальнай бырайыак мэдиссиинэ бастакы сүһүөҕүн саҥардыы бырагырааматын былааныгар киирбиппит. Былырыын сыл бүтүүтэ 7 мөл. солк. кэриҥэ үбүлүһээһини ылбыппыт. Бу бырагыыраманан кэнники сылларга түөрт фельдшерскэй- акушерскай пууну уонна биир балыыһа амбулаториятын дьиэтин тутан үлэҕэ киллэрэр кыахтанныбыт», — диэн эбэн эттэ Анна Петрова.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: