Уус Алдан педиатрияҕа сулууспатын үлэһиттэрэ үрдүк наҕарааданы ыллылар
Сэтинньи 15 күнүгэр Саха сиригэр педиатрия сулууспатын 100 сылыгар аналлааах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оҕо доруобуйатын харыстыыр үлэлээх дьону наҕараадалаатылар.
Кинилэр ортолоругар Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын исписэлиистэрэ үрдүк наҕараадалары ыллылар.
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева оҕо поликлиникатын сэбиэдиссэйэ Розалина Степановна Аммосоваҕа РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин Махтал суругун туттарда.
Оҕо отделениетын (стационар) мэдиссиинэҕэ сиэстэрэтэ Евдокия Андреевнаҕа Баишеваҕа РФ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна аат иҥэрилиннэ.
Бу үөрүүлээх күн педиатрия бастакы учаастаагын мэдиссиинэҕэ сиэстэрэтэ Сардаана Иннокентьевнаа Копырина «Педиатрия мэдиссиинэҕэ бастыҥ сиэстэрэтэ» куонкуруска 3-с миэстэни ылла. Киниэхэ 30 тыһыынча суумалаах сэртипикээт туттарылынна.
Биир идэлээхтэрин кэлэктиип дьоно истиҥник эҕэрдэлиир, кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ салгыы ситиһиилэри баҕарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: