Салгыы
Уус Алдан улууһугар саҥа ойуур баһаара көһүннэ

Уус Алдан улууһугар саҥа ойуур баһаара көһүннэ

02.09.2024, 10:44
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Авиалесоохрана суһал иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр биэс айылҕа баһаара уонна атын категориялаах сирдэргэ икки баһаар баар. Суукка иһигэр умуруоруллубут суох, икки бохсуллубут. Уус Алдаҥҥа 4 га иэннээх сиргэ саҥа баһаар көһүннэ. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох.

Уоту умуруорууга 355 киһи, 28 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Ураты хонтуруолга икки айылҕа баһаара баар:

Сунтаар улууһугар Милэкэ сэл. 8,1 км тэйиччи сиргэ 2350 га иэннээх баһаар бохсулунна.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Өргүөт сэл. 9,3 км тэйиччи 170 га иэннээх баһаар умайа турар.

“Суукка иһигэр баһаар ахсаана бииринэн эбилиннэ, оттон иэнэ Уус Алдаҥҥа көстүбүт саҥа баһаарынан уонна Сунтаардааҕы баһаар тэнийбитинэн 8,0 га улаатта. Үс улахан баһаар билигин да умайа тураллар. Космическай мониторинг көрдөрөрүнэн, буруо баара көстүбэт. Эрэгийиэн нэһилиэнньэлээх пууннарыгар куттал суох”, – диэн иһитиннэрдэ өрөспүүбүлүкэҕэ Арассыыйа ЫБМ Сүрүн управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: