Хаартыска: ЯСИА
Авиалесоохрана суһал иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр биэс айылҕа баһаара уонна атын категориялаах сирдэргэ икки баһаар баар. Суукка иһигэр умуруоруллубут суох, икки бохсуллубут. Уус Алдаҥҥа 4 га иэннээх сиргэ саҥа баһаар көһүннэ. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох.
Уоту умуруорууга 355 киһи, 28 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.
Ураты хонтуруолга икки айылҕа баһаара баар:
Сунтаар улууһугар Милэкэ сэл. 8,1 км тэйиччи сиргэ 2350 га иэннээх баһаар бохсулунна.
Үөһээ Бүлүү улууһугар Өргүөт сэл. 9,3 км тэйиччи 170 га иэннээх баһаар умайа турар.
“Суукка иһигэр баһаар ахсаана бииринэн эбилиннэ, оттон иэнэ Уус Алдаҥҥа көстүбүт саҥа баһаарынан уонна Сунтаардааҕы баһаар тэнийбитинэн 8,0 га улаатта. Үс улахан баһаар билигин да умайа тураллар. Космическай мониторинг көрдөрөрүнэн, буруо баара көстүбэт. Эрэгийиэн нэһилиэнньэлээх пууннарыгар куттал суох”, – диэн иһитиннэрдэ өрөспүүбүлүкэҕэ Арассыыйа ЫБМ Сүрүн управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.
Өрөспүүбүлүкэҕэ эми-тому атыылаһыыга уонна тарҕатыыга сыһыаннаах эмп-том хааччыйыытын ньымалара тохсунньу 9 күнүгэр СӨ Ил Дархана…
Ньурба улууһугар полиция үлэһиттэрэ Саҥа дьыл түүнүгэр тыаҕа муммут уонна суолга хаарга хаайтарбыт массыыналаах ыалга…
Дьокуускай куорат борокуратуурата криптовалютаҕа инвестициялыыр аатыран дьон үбүн-харчытын уорууга сыһыаннаах холуобунай дьыаланы суукка ыытта. Бу…
Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, тохсунньу 9 күнүгэр, оробуочай сырыытынан Дьокуускайга баар Искэн киинин үлэтин…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тохсунньу 9 күнүгэр Дьокуускайга 253 үөрэнээччилээх 1 №-дээх орто оскуола…
Ааспыт сыл сэтинньитигэр онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын устуоруйатыгар киирэр түгэн — плазмосорбция процедурата оҥоһулунна. Анестезиология, реанимация…