Салгыы
Уус Алдан улууһугар түөрт тыһыынча кэриҥэ киһи диспансеризация өҥөтүнэн туһанна

Уус Алдан улууһугар түөрт тыһыынча кэриҥэ киһи диспансеризация өҥөтүнэн туһанна

11.12.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын быраастара диспансеризацияҕа сыһыаннаан,  нэһилиэнньэҕэ  улахан үлэни ыыталлар. Кинилэр ыарыыны эрдэ булан быһаарыы улахан оруоллааҕын итэҕэтэллэр уонна диспансеризацияҕа суолта биэрэргэ ыҥыраллар.

Диспансеризация сыалынан-соругунан, бастан туран, инбэлииккэ тахсарга эбэтэр  ыарыыттан өлүүгэ тириэрдэр хаан эргиирин ыарыыларын (сүрэх ишемическэй уонна тымыр ыарыыларын), кутталлаах искэннэри, саахарынай диабеты, тыҥаҕа дьарҕа ыарыылары, сыстыгана суох олохсуйбут ыарыылары эрдэттэн быһаарыы буолар.
Улууска бу сыл саҕаланыаҕыттан улахан дьон 76,7%, ол эбэтэр түөрт тыһыынча кэриҥэ киһи диспансеризия өҥөтүнэн туһанна.
Улуус 10 тыһыынчаттан тахса киһитэ сыл аайы ыытыллар мэдиссиинискэй көрүүгэ сырытта, а.э. нэһилиэнньэ 100% кытынна. Ковидынан ыалдьыбыт дьон доруобуйатын дириҥник чинчиэйн көрөр диспансеризация туһунан эттэххэ, нэһилиэнньэ 90,8% хабылынна.
Санатан эттэххэ, диспансеризация икки түһүмэҕинэн босхо ыытыллар. Бастакы түһүмэх доруобуйаны чинчийэргэ уонна сыстыгана суох олохсуйбут ыарыылары уонна  салҕыы сайдар сибикилэрин буларга анаан ыытыллар. Иккис түһүмэххэ бастакы түһүмэх түмүктэринэн сиэттэрэн, эбии чинчийии ыытыллар, «узкай» идэлээх исписэлиистэр ыарыыны чопчулууллар.

Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: