«Уус Алдан улууhун уран уустарын түhүлгэтэ» быыстапка аhылынна

Share

Олунньу 1 күнүгэр Дьокуускай куорат А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоhууларын дьиэтигэр, «Симэх» Национальнай киин галереятыгар «Уус Алдан улууhун уран уустарын түhүлгэтэ» быыстапка аhылынна.

Быыстапка Уус Алдан улууhун норуот маастардарын түмэр «Мындыр» уопсастыбаннай холбоhук тэриллибитэ 10 сылыгар ананар, уустар тѳрүт сахалыы тыыннаах, истиҥ иэйиилээх ураты кэрэ оҥоhуктарын киэҥ кѳрүүгэ таhаарар.

Быыстапка бастакы күнэ Уус Алдантан тѳрүттээх элбэх киhи, ыҥырыылаах ыалдьыт кыттыылаах бэрт сэргэхтик ааста. Мустубут дьону Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Симэх» Национальнай киин дириэктэрэ Яна Игнатьева, Уус Алдан улууhун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Мындыр» уопсастыбаннай холбоhук салайааччыта Иннокентий Аммосов уонна да атыттар эҕэрдэлээтилэр. Уус Алдан култууратын үлэhиттэригэр, маастардарга наҕараадалар туттарылыннылар.

«Симэх» галерея хаартыскалара
«Симэх» галерея хаартыскалара

Александр Жирков уран уустарга туһаайан саха төрүт искусствотын салгыы харыстырга, сайыннарарга ыҥырда, таһыттан өтөн киирииттэн сэрэттэ. Кини: «70 сыл анараа өттүгэр, 1954 сыллаахха Гамбург куоракка тахсыбыт «Орнаментальное искусство якутов» диэн кинигэтигэр биллиилээх этнолог-учуонай Улла Йохансен Европа музейдарыгар баар 19 үйэтээҕи саха орнаментальнай искусствотын пааматынньыктарын үѳрэтэн баран, «Саха уратылаах орнаментальнай  (ойуулуур) искусстволаах, ол гынан баран онно таhыттан атын култууралар ѳтѳн киириилэрэ биллэр буолан эрэр» диэн суруйбута. Онон эhиги иннигитигэр саха ойуулуур, иистэнэр, уһанар төрүт дьарыгын атын омук киэнин кытта буккуйбакка, харыстаан илдьэ сылдьар сорук турар. Тѳhѳ кыалларынан бу дьарыккытын сайыннарыҥ, тѳрүттэрбит оhуор-мандар ойууларын-бичиктэрин үѳрэтиҥ, харыстааҥ», — диэн уустары ыҥырда, айар үлэлэригэр ситиhиилэри баҕарда.

Уус Алдан айар талааннаахтарын оҥоhуктарын быыстапката олунньу 15 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна туостан, кылтан, кыhыл, үрүҥ кѳмүстэн, тимиртэн, мастан, түүлээхтэн уонна тирииттэн дьикти оҥоhуктарын кѳрүѳххэ сѳп. Ону таhынан, уустар кылтан ѳрүүгэ, туостан дьиэ иhитин-хомуоhун оҥорууга, итиэннэ бууктаах сону, дьабака бэргэhэни уо.д.а. национальнай таҥаhы тигиигэ маастар-кылаастары биэриэхтэрэ, сорох оҥоhуктарын атыыга таhаарыахтара.

Раиса Никифорова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago