Уус Алдан: Уу таһыма түһэн, суоллары чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар
17.05.2023, 16:07
Хаартыска: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
«Мүрү» өрөспүүбүлүкэ суолталаах айан суолугар Арыылаах, Сыырдаах учаастактарыгар тыа уута хаайтаран, даамбалары алдьаппыта. Билигин бары күүс алдьаммыт даамбалары чөлүгэр түһэриигэ үлэ ыытыллар диэн Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Маны сэргэ суһаллык массыына сырыыта баар буоларын хааччыйар сыалтан, Дүпсүн уонна Баатаҕай суолларыгар үлэ бара турар.
Арыылаах, Сыырдаах учаастактарын суолларыгар үлэ түмүктэннэҕинэ, Курбуһах суолун оҥоро барыахтара, төһө хоромньу тахсыбыта ааҕыллан, суоттанан бүтэн турар.
Бүгүн, айан суолугар төһө хоромньу тахсыбытын ааҕыы үлэтэ Өспөххө, ол кэннэ Танда суолларыгар ыытыллыаҕа диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: