Салгыы
Уус Алдаҥҥа байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥороллор, таҥас тигэллэр

Уус Алдаҥҥа байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥороллор, таҥас тигэллэр

Ааптар:
19.10.2024, 15:50
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Уус Алданнааҕы салаатын үлэһиттэрэ байыаннай дьайыыга быстах хомуур саҕаланыаҕыттан тиһиктээхтик үлэлэһэллэр.

Уолаттарга таҥнар таҥас, туттар мал-сал наада буолара биллибитэ. Манна үлэһиттэр уонна  «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын улуустааҕы салаатын бэрэссэдээтэлин кытта сүбэлэһэн, психологтар үлэлиир сирдэригэр волонтердар хосторо арыллыбыта. Манна үлэлиэн, көмөлөһүөн баҕалаах дьону түмэн, иистэннэрэн, сахалыы харысхаллары, хаххалыыр сиэккэлэри оҥорон саҕалаабыппыт. Бу хамсааһынынан үлэ күн күргүөмнээхтик ыытыллар. Манна даҕатан эттэххэ, улууспут дьаһалтата өйөөн, мустан үлэлиир сир тэриллибитэ. Волонтердарга диэн анаан икки улахан иистэнэр массыынаны биэрэн, үлэ тохтоло суох салҕанар.

Күн бүгүн психологтар биллэрбит «Помощь волонтера бесценна» аахсыйабытыгар нэһилиэктэрбит, улуус киинин олохтоохторо хаххалыыр сиэккэлэри баайан, оҥорон саҕалаатылар. Бу аахсыйабытыгар бэлэмнэниллибит сиэккэлэр сэтинньигэ байыннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар барар улуус дэлэгээссийэтигэр туттарыллыахтара.

Саргылана Никитина,

Уус Алдан.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: