Уус Алдаҥҥа бильярд сайдар кэскиллээх

Share

Ааспыт өрөбүллэргэ Уус Алдан улууһугар Майаҕаска эмиэ биир уратылаах бильярдка күрэхтэһии буолан ааста.

Күрэхтэһиини успуорт бэтэрээнэ, оскуолаҕа учууталынан үлэлиир Ю.К.Кычкин 55 сааһын туолар бэлиэ күнүнэн тэрийэн ыытта. Суол-иис мөлтөҕүн аахсыбакка, улуус алта нэһилиэгиттэн сэттэлии киһилээх хамаанда тэринэн кэлбиттэр. Спортсменнар турунан бэлэмнэммит буоланнар, күрэхтэһии кытаанаҕа буолла. Илин-кэлин түсүһүүлээх күрэхтэһииттэн дьон-сэргэ сэргэхсийдэ.

Түмүккэ, төрөөбүт күннээх Ю.К.Кычкин хамаандата бастаан үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Иккис миэстэни Кэптэни хамаандата ылла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Өнөр спортсменнара тигистилэр. Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаах хамаандалар бары Юрий Кимович бэлэмнээбит сыаналаах анал бириистэринэн наҕараадаланнылар. Дьон-сэргэ күрэхтэһэн улаханнык үөрдэ, астынна. Күрэхтэһээччилэр санаа атастаһыытыгар Бороҕоҥҥо тутулла турар спортивнай комплекс үлэҕэ киирэрин, онно бильярдка анаан миэстэ биэрэллэрэ буоллар диэн эттилэр.

Хаартыскаларга Аркадий Трулин түһэриитэ

И.Сивцев-Бээди.

Хаартыскаҕа Аркадий Трулин түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

10 часов ago