Салгыы
Уус Алдаҥҥа дроннартан хаххалыыр суорҕаннары тигэр сыах аһылынна

Уус Алдаҥҥа дроннартан хаххалыыр суорҕаннары тигэр сыах аһылынна

Ааптар:
01.11.2024, 13:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Уус Алдан Бороҕон нэһилиэгэр байыастарга анаан дроннартан хаххалыыр суорҕаны тигэр сыах аһылынна.

«Өссө биир кэрэхсэбиллээх дьыала Уус  Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр саҕаланна. «Сайдыы» ыччат тэрилтэтэ Ил Дархан гранын ылан, байыастарбытын өйүүр сыаллаах «Швейный патриот»  диэн ааттаах сыах арыйда. Сыахха олус наадалаах дроннартан хаххалыыр суорҕаннары тигиэхтэрэ. Бырайыак ааптара Тамара Орлова этэринэн, Кыайыыны ситиһиигэ бу сүдү кылааты киллэрии буолуо. Маладьыастар!», —  диэн Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйда. Айсен Николаев байыастары өйүүргэ бары улуустарынан көхтөөх үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ.

«Үлэттэн туора турбат Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ Кыайыыны чугаһатар уопсай дьыалаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Билигин кыһын саҕаланыаҕыттан, ордук ыалларынан маһы, мууһу бэлэмнээһиҥҥэ көмө наада. Маннык үлэ бары улуустарынан ыытыллар. Биһиги хорсун буойуннарбытыгар анаан күүс-көмө буолар хас биирдии киһи үлэтин сыаналыыбыт. Биһиги бары биир сомоҕо буоллахпытына барытын Кыайыахпыт! Кыайыыны ситиһиэхпит!»,— диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: