Уус Алдан Бороҕон нэһилиэгэр байыастарга анаан дроннартан хаххалыыр суорҕаны тигэр сыах аһылынна.
«Өссө биир кэрэхсэбиллээх дьыала Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр саҕаланна. «Сайдыы» ыччат тэрилтэтэ Ил Дархан гранын ылан, байыастарбытын өйүүр сыаллаах «Швейный патриот» диэн ааттаах сыах арыйда. Сыахха олус наадалаах дроннартан хаххалыыр суорҕаннары тигиэхтэрэ. Бырайыак ааптара Тамара Орлова этэринэн, Кыайыыны ситиһиигэ бу сүдү кылааты киллэрии буолуо. Маладьыастар!», — диэн Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйда. Айсен Николаев байыастары өйүүргэ бары улуустарынан көхтөөх үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ.
«Үлэттэн туора турбат Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ Кыайыыны чугаһатар уопсай дьыалаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Билигин кыһын саҕаланыаҕыттан, ордук ыалларынан маһы, мууһу бэлэмнээһиҥҥэ көмө наада. Маннык үлэ бары улуустарынан ыытыллар. Биһиги хорсун буойуннарбытыгар анаан күүс-көмө буолар хас биирдии киһи үлэтин сыаналыыбыт. Биһиги бары биир сомоҕо буоллахпытына барытын Кыайыахпыт! Кыайыыны ситиһиэхпит!»,— диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…