Хаартыска: "Мүрү саһарҕата" телеграм-ханаал
Уус Алдан улууһугар Бороҕон — Танда суолунан айаннаан иһэр дьон икки оҕолоох тайаҕы көрдүлэр.
Ыҥаахтар суолга тахсан хаамса сылдьар кэмнэригэр, ийэлэрэ суол кытыытынааҕы ууга сөрүүкүү, уста сылдьар. Массыынаны көрөн баран, ийэлэрэ ууну туораан, ойуурга тахсар, оҕолоро суолга хаалаллар. Ол кэнниттэн булсубут буолуохтаахтар.
Сэдэх көстүүнү көрөн, массыына иһигэр туспа мучумаан буолар — оҕолор «олень, олень!» диэн айманаллар. Аҕалара «лось» диэн көннөрөр.
Тайах икки оҕолоноро сэдэх көстүү. Оҕолорун үүтүнэн тоторуон, адьырҕалартан куоттартыан, күһүҥҥэ диэри улаатыннартыан наада. Хаартыскаҕа көстөрүнэн, оҕолоро соторутааҕыта төрөөбүт кэриҥнээхтэр.
Сэдэх видео устубуттарын «Мүрү саһарҕата» телеграм-ханаал таһаарбыт.
Салгыы «Тайах оҕото» диэн тулаайах хаалбыт ыҥаах туһунан кэпсээни ааҕыҥ.
https://edersaas.ru/tajah-o-oto-kepseen/
https://edersaas.ru/wp-admin/post.php?post=10964&action=edit#:~:text=https%3A//edersaas.ru/tajah%2Do%2Doto%2Dkepseen/
https://sakha-sire.ru/video-olonho-yhy…elen-yaldyttaata/
Уус Алдаҥҥа РФ үтүөлээх уонна образцовай кэлэктиибэ, Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата "Кэнчээри" оҕо ырыа-үҥкүү норуодунай…
Бэс ыйын 28-29 күннэригэр Туймаада ыһыаҕа буолаары турар. Ыһыахха бэлэмнэнии туһунан Дьокуускай куорат аҕа баһылыга…
Бильярды таптааччылар ахсааннара элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр. Күрэхтэһиигэ оҕотуттан ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ, оннооҕор Москваттан кытары кэлэн…
Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…
Абитуриеннарга, кинилэр төрөппүттэригэр анаан быйыл орто анал үөрэххэ туттарсыыга уонна тус сыаллаах үөрэххэ аналлаах “Учись…
Саха сиригэр сайыҥҥы сиэссийэ иитинэн бастакы демонстрационнай эксээмэннэр түмүктэрин иһитиннэрбиттэр. Түөрт устудьуон эксээмэнин 100 баалга…