Салгыы
Уус Алдаҥҥа «Мүрү» суолун чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллар

Уус Алдаҥҥа «Мүрү» суолун чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллар

14.05.2023, 19:30
Хаартыска: Уус Алдан улууhун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Суол үлэһиттэрэ хаар уутуттан суол алдьаммыт Уус Алдан оройуонун Сыырдаах сэлиэнньэтин оройуонугар «Мүрү» массыына суолун 124 км саахалы чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытыыга тиэхиньикэни уонна үлэһиттэри түмэллэр.

Бу туһунан бүгүн брифиҥҥэ Саха сирин тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин суол сулууспатын уонна массыына тырааныспарын департаменын салайааччыта Александр Данилов иһитиннэрдэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суолларын управлениетын 2023 сыл ыам ыйын 14 күнүнээҕи бу учаастакка сырыыны сабар туһунан бирикээһэ тахсыбыта. Массыына суолун уонна уу таһымын кэтээһин ыытыллар.

Александр Данилов эрдэ алдьаммыт суол учаастактарынан үлэ салҕанарын бэлиэтээтэ.

«Ол курдук, «Мүрү» массыына суолугар Мэҥэ Хаҥалас оройуонун икки учаастагар саахалы туоратар үлэлэр ыытыллаллар. Биир учаастакка быстах сырыы хааччылынна, иккис учаастакка билигин тимир гофралаах турбаны тэлгэтии ыытыллар», — — диэтэ Александр Данилов.

Кини «Кэбээйи» массыына суолугар Горнай оройуонугар эрдэ алдьаммыт түөрт учаастакка чөлүгэр түһэрии ыытыллар. Суол 59 км. быстах сырыы баар, Бэс Күөлүгэр диэри сырыы чөлүгэр түһэрилиннэ, диэтэ Данилов.

«Ону тэҥэ Горнай уонна Кэбээйи оройуоннарын быысаһыыларыгар үс учаастакка бэдэрээтчит тиэхиньикэтин, үлэһиттэрин бэлэмнээтэ, тутуу матырыйаала тиэрдилиннэ»,— диэтэ Александр Данилов. — Уу таһыма үлэлиир кыаҕы биэрдэ даҕаны, чөлүгэр түһэрии ыытыллыпҕа.».

Сунтаар улууһугар «Устье— Кэмпэндээйи» массыына суолунан быстах сырыы баар. Массыына суолларын управлениета чөлүгэр түһэрии ороскуотун ааҕа-суоттуу барыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: