Уус Алдаҥҥа наркотигынан эргиммиттэрэ билиннэ
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа сэттэ буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Мииринэйгэ 1985 с.т. эр киһи доруобуйатын эчэппиттэр, уорбаланааччы быһаарыллыбыт.
Дьокуускайга уонна Тааттаҕа түөкүттэр 575 тыһ.солк. сойбоппуттар.
Жатайга «Тойота Суксид» массыынаны уорбуттар. Бүлүүгэ аһыы утаҕы иһэн баран уруулга иккистээн олорбут киһини туппуттар.
Уус Алдаҥҥа наркотигынан эргиммиттэрэ биллибит.
Дьокуускайга, Алдаҥҥа уонна Мэҥэ Хаҥаласка киһи өлүүлээх уонна эчэйиилээх суол саахаллара буолбуттар.
Алдаҥҥа «Лена» федеральнай суолга оптуобус түҥнэстиитигэр үс эр киһи уонна биир дьахтар тыыннара быстыбыт. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Лоомтукаттан 12 км тэйиччи турар сиргэ тыраахтар түҥнэһиннэ. 1992 с.т. суоппар өллө.
«Умнас» суол 25 килэмиэтиригэр «Ниссан Ноут» массыына түҥнэһиннэ. Суоппара итирик туруктааҕа билиннэ. Пассажирын Дьокуускайга госпитализациялаатылар.
Суукка устата итирик туруктаах 11 суоппары туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: