Уус Алдаҥҥа түүлээх носорог кырамтата көһүннэ
Аҕыйах хонуктааҕыта Уус Алдаҥҥа муус үйэ аарыматын түүлээх носорог уҥуоҕа көстүбүт үһү диэн сурах социальнай ситимнэринэн тарҕанна.
Бу туһунан өссө былырыын бэс ыйын бүтүүтэ Хомустаах бөһүөлэгин олохтооҕо Иннокентий Попов айан суолун оҥоруу кэмигэр үлэлии сылдьан булбутун туһунан кэпсээбитэ. Ону улуустааҕы түмэл үлэһиттэрэ хаартыскаҕа түһэрэн, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун учуонайдарыгар ыыппыттарын тута түүлээх носорог кырамтата буоларын быһаарбыттар.
Көстүбүт сирэ Хомустаах уонна Элэһин икки ардыгар Пуховтар өтөхтөрө диэн сир. Булумньуну институтуттан археология лабораториятын научнай үлэһитэ Күннэй Пестерева, лабораннара Иван Обутов уонна Владислав Данилов чинчийдилэр. Көстүбүт уҥуохтары барытын хомуйан илдьэ бардылар. Лабораторияҕа чинчийиллэн носорог сааһа, тыһы дуу, атыыр дуу буолара быһаарыллыаҕа.
— Урукку да өттүгэр араас былыргы үйэтинээҕи кыыллар уҥуохтара көстөр буолаллара. Ол эрээри, сүрүннээн сэлии уонна оҕус кырамталара булуллар этилэр. Онон түүлээх носорог кырамтатын көстүүтэ бастакы түгэн буолуо дии саныыбын. Түүлээх носорог 8-14 тыһ. сыл анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыта биллэр. Аарыма кыыл арҕаһынан үрдүгэ сорох атыырдарын киэнэ 2 миэтэрэҕэ тиийэр эбит. Оттон уһуна 4,5 миэтэрэ буолар диэн учуонайдар бигэргэтэллэр. Санаттахха, илин эҥээр улууска 1972 сыллаахха Чурапчыга түүлээх носорог бүтүн уҥуоҕа көстөн турар.
Афанасий СЕКТЯЕВ, «Мүрү саһарҕата» хаһыат
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: