Уус Алдаҥҥа улуус ыһыаҕа ыытыллыбат буолла
20.06.2023, 14:06
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:
Уус Алдаҥҥа киһи өлүүлээх суол саахала тахсыбытынан, улуустааҕы ыһыах ыытыллыбат буолла. Бу туһунан Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Майаҕас сэлиэнньэтин чугаһыгар массыына саахалланыытыгар эдэр дьахтар тыына быһынна. Улуус дьаһалтата сүтүктээхтэр чугас дьонугар, аймахтарыгар кутурҕанын тиэрдэр.
Манан сибээстээн, бэс ыйын 21 күнүгэр Бэйдиҥэ сэлиэнньэтигэр былааннаммыт улуустааҕы ыһыах ыытыллыбат буолла.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: