Салгыы
Уус Өлөөҥҥө «уһаабыт» үрүҥ эһэни дэриэбинэттэн үүрүөхтэрэ

Уус Өлөөҥҥө «уһаабыт» үрүҥ эһэни дэриэбинэттэн үүрүөхтэрэ

Ааптар:
12.07.2024, 18:00
Хаартыска: видеоттан-скрин
Бөлөххө киир:

Үһүс нэдиэлэтин устата Булуҥ улууһугар Уус Өлөөн нэһилиэгэр бэйдиэлээбит үрүҥ эһэни ыраах киэр кыйдыахтара. Бу туһунан от ыйын 12 күнүгэр  СӨ Экологияҕа, айылҕаны харыстааһыҥҥа уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

«От ыйын 12 күнүгэр көрдөһүүлээх Арассыыйатааҕы айылҕа харыстабылын  министиэристибэтин ураты харыстыыр территорияларын департаменыгар тахсыбыппыт. Уус-Ленскэй федеральнай заповедник үлэһиттэригэр уһун кэм устата «ыалдьыттаабыт» үрүҥ эһэни айылҕатыгар үүрэргэ көмө оҥорорго сорудахтанна. Сотору кэминэн иниспиэктэрдэр  Уус Өлөөн сэлиэнньэтигэр мотуордаах оҥочолорунан айаннаан кэлиэхтэрэ уонна нэһилиэнньэни кытта сөптөөх дьаһаллары ылыахтара», — диэн Экология, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин экологическай сырдатыыга уонна ООПТ салайыыга департаменын салайааччытын солбуйааччы Гаврил Иванов кэпсээтэ.

Кини этэринэн, үрүҥ эһэ 1,5 саастаах курдук. Маннык саастарыгар эһэлэр онум-маны олус интэриэһиргииллэр уонна чэпчэкитик тулалыыр эйгэҕэ үөрэнэллэр диэн министиэристибэ үлэһитэ бэлиэтээтэ. Үксүн эһэлэр дьонтон куттаналлар, ол эрээри ас көрдөөн нэһилиэнньэлээх пууннарга киириэхтэрин сөп. Кинилэри ас-үөл тобохторо, бөх-сах, балыгы ыраастыыр миэстэлэр, о.д.а. сирдэр угуйуохтарын сөп диэн Гаврил Иванов быһаарда. Адьырҕа кыылы түктэрэргэ, сүөһү аһылыгын, о.д.а. атыны кистиэххэ наада диэн быһаардылар. Ону кытта Ону таһынан эһэлэр олус улахан тыастан куттаналлар. Ол эрээри олохтоохтор «Маяк Арктики» редакциятыгар кэпсээбиттэринэн, кинилэр «ыалдьыттара» бэл, номнуо анал свисток тыаһыгар кытта  аахайбат буолбут.

+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
2
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: