Хаартыска: СИА, Мария Васильева
Уус Куйгаҕа улахан бырайыак олоххо киирэрэ былааннанар. Ол курдук саҥа водозабор, ыраастыыр ыстаансыйа итиэннэ тымныы уунан хааччыйар ситим тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Усуйаана улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.
Усуйаана оройуонугар сир үрдүнээҕи кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуллар. Бэҕэһээ ыстаансыйа бастакы эбийиэгин — тутааччылар олорор сирдэрин арыйдылар. Манна балтараа сыл иһигэр саҥа вобозабору тутар былааннаахтар. Инньэ гынан уунан Уус Куйга бөһүөлэгэ эмиэ хааччыллыаҕа. Билиҥҥитэ бөһүөлэккэ 700-кэ киһи олорор.
«Бүгүҥҥү туругунан нэһилиэнньэлээх пуун 100 кубтаах урукку 80-с сыллардааҕы водозабортан хааччыллан олорор. Саҥа водозабор тутулуннаҕына, эргэ тутуу үлэтэ тохтотуллуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Маны таһынан ыраастыыр ыстаансыйа уонна уу ситимнэрэ тутуллуохтара.
Тутууну «Русатом Оверсиз» уонна «Теплоэнергосервис» АУо үбүлүүллэр.
Санатан эттэххэ, кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны 2028 сылга тутан үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.
Бүгүн Дьокуускайга Курашов уулуссатыгар баһаар буолла, дьон эмсэҕэлээбэтэ диэн СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. "Баһаарга…
Дьокуускайга бэрэбиэркэ кэнниттэн "Күнтэгил" чааһынай уһуйаан иитээччитин үлэтиттэн уураттылар. Бу сайын уһуйаантан түөрт оҕо куоппута.…
Бэҕэһээ «Путь воина» күрэхтэһиигэ Саха сирин «Боотур» хамаандата уонна Хабаровскай «Амурские воины» хамаанда кииристэ. Бу…
Балаҕан ыйын 17 күнүгэр түөрт быыһааччы Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкытыгар бу саас сураҕа суох сүппүт…
Оҕо эрдэхпинэ ыалларым ону-маны кистээн баран, "ол ханна сытарый?" диэн сураһаллара. Онуоха мин ханна сытарын…
Саха сиригэр буолан ааспыт быыбарга байыаннай дьайыы 18 кыттыылааҕыттан 9-һун таллылар. Кинилэр ортолоругар муниципальнай тэриллии…