Уус Маайа олохтооҕо кыһыл көмүһүнэн эргинэн сууттанна
Уус Маайа оройуонун 30 саастаах олохтооҕо сиртэн хостонор баайы сокуоннайа суохтук эргинэн сууттанна.
ИДьМ Медиа саайтын дааннайынан, 2023 сыл ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри бу киһи өрүс кумаҕар баар кыһыл көмүһү сууйан ыла сылдьыбыт. Ол көмүһүн горелканан уулларар эбит.
Ол кэнниттэн мессенджер нөҥүө атыылаһааччыны булан, Дьокуускайга куортамнаан олорбут дьиэтигэр иккитэ көрсүбүттэр. 13 мөл.солк.-га 4 киилэ ыйааһыннаах көмүһү атыылаабыт. Ол иһигэр 3 киилэ кэриҥэ кыһыл көмүс уонна 750 гр үрүҥ көмүс баара биллибит.
Кинини УФСБ үлэһиттэрэ туппуттар. Сокуоннайа суохтук ылбыт баайа-дуола былдьанан, судаарыстыба дохуотугар тиксэриллибит. Кини 16 мөл.солк. тахса хоромньуну оҥорбут.
Суут эр киһини 250 тыһ.солк. ыстараабы төлөөн түөрт сылга көҥүлүн быһарга бириигэбэрдээбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: