Уус Маайа олохтооҕо кыһыл көмүһүнэн эргинэн сууттанна

Share

Уус Маайа оройуонун 30 саастаах олохтооҕо сиртэн хостонор баайы сокуоннайа суохтук эргинэн сууттанна.

ИДьМ Медиа саайтын дааннайынан, 2023 сыл ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри бу киһи өрүс кумаҕар баар кыһыл көмүһү сууйан ыла сылдьыбыт. Ол көмүһүн горелканан уулларар эбит.

Ол кэнниттэн мессенджер нөҥүө атыылаһааччыны булан, Дьокуускайга куортамнаан олорбут дьиэтигэр иккитэ көрсүбүттэр. 13 мөл.солк.-га 4 киилэ ыйааһыннаах көмүһү атыылаабыт. Ол иһигэр 3 киилэ кэриҥэ кыһыл көмүс уонна 750 гр үрүҥ көмүс баара биллибит.

Кинини УФСБ үлэһиттэрэ туппуттар. Сокуоннайа суохтук ылбыт баайа-дуола былдьанан, судаарыстыба дохуотугар тиксэриллибит. Кини 16 мөл.солк. тахса хоромньуну оҥорбут.

Суут эр киһини 250 тыһ.солк. ыстараабы төлөөн түөрт сылга көҥүлүн быһарга бириигэбэрдээбит.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
6
+1
0
+1
0
+1
6
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Гостиница ыалдьыттарын халыыр киһини туттулар

Дьокуускайга полиция отделыгар олохтоох дьахтар 30 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уонна баан счетуттан 40 тыһ.солк. уордарбытын…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мииринэйэгэ Чуоналыыры туоруур муоста арылынна

Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэй оройуонугар "Анаабыр" массыына эрэгийиэннээҕи суолугар баар Чуоналыыры туоруур муостаны арыйдылар.…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ аналлаах тэрээһин

Сэтинньи 13 күнүгэр Ньидьили нэһилиэгэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүнэн улахан тэрээһин…

26 минут ago
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар өссө үс саҥа оскуоланы тутарга былааннаналлар

2030 сылга диэри Мииринэй улууһун сайыннарыы туһунан Ил Дархан Ыйааҕын чэрчитинэн, муниципальнай тэриллиигэ өссө үс…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Борис Павловка истиҥ эҕэрдэлэрин ыыталлар

Биллэр суруналыыс, суруйааччы, "Көмүөл" кинигэ кыһатын салайааччыта,  “Кэм” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Борис Павлов-Кэм 65 сааһан…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ХААРТЫСКАЛАР: «Идэһэ» дьаарбаҥкаҕа

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 15 күнүттэн, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка "Идэһэ" дьаарбаҥка саҕаланна. Атыылаһааччылар ынах, убаһа этин, балык…

1 час ago