Уус Маайа олохтоохторо бары тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар

Share

«Арассыыйа хаһан да кыайтарбатаҕа. Бу да сырыыга кыайтарыа суоҕа диэн биһиги, уус маайалар, бигэ эрэллээхпит!”, — диир Уус Маайа улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Галина Петровна Тимофеева.
— Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин анал байыаннай эпэрээссийэни биллэриитэ биһиэхэ барыбытыгар соһуччу курдук этэ. Ол эрээри, биһиги РФ гражданнара буоларбыт быһыытынан дойду баһылыгын быһаарыытын өйдүүрбүтүн биллэрбиппит. «Своих не бросаем!» диэн улуус киинигэр ыытыллыбыт улахан флешмобка бары тэрилтэлэр, оскуола үөрэнээччилэрэ мустан, элбэх киһилээх миитиҥҥэ кыттыбыппыт. Улуус баһылыга Александр Антипин, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтиттэн мин уонна оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ, уо.д.а. тыл эппиппит. Оскуола оҕолоро Арассыыйа былааҕын тутан хааманнар, салгыы улахан патриотическай тыыннаах кэнсиэргэ ырыа ыллааннар, дьон-сэргэ санаатын күүһүрдэн, бөҕөхсүтэн биэртэрэ. Туох эрэ куттал буолла диэн сэрэхэчийбит дьоҥҥо маннык тэрээһин сомоҕолоһоллоругар, түмсэллэригэр сүргэни көтөхпүтэ. Ол да иһин  бары биир санааланан, түмсэн, туох баарынан көмөлөһөргө быһаарынан, үлэлээн барбыппыт.
Улууспутугар тэриллибит байыаннай дьайыыларга ыҥырыллан барбыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр киини улуус баһылыга Александр Антипин салайар. Хас нэдиэлэ ахсын тэрилтэлэр салайааччылара төһө сууманы хомуйан Кыайыы пуондатыгар ыыппыттара хонтуруолланар, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин кытта улуус баһылыгын көрсүһүүтүгэр этиллибит кыһалҕалар кэмигэр тута быһаарыллан иһэллэр.
Улуус бэтэрээннэрэ ким төһө кыайарынан үбүнэн көмөлөспүппүт. Үлэлиир бэтэрээннэр ый аайы хамнастарыттан биэрэллэр. Ити барыта өрөспүүбүлүкэҕэ түмүллэн, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон наадатын толуйууга тиксэриллэ турар. Аһымал кэнсиэртэргэ улуус баһылыга Александр Антипин, бас-көс салайааччылар, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтэ, атын да уопсастыбаннай тэрилтэлэр салалталара тыл этэн, дьону-сэргэни биир санааҕа түмэр үлэни ыытыһа, тэрийсэ сылдьабыт.
Биһиги, улууспут бары бэтэрээннэрэ, оонньооботох оҕо сааспытын санааммыт, нацизм, фашизм диэн тугун үчүгэйдик билэр буоламмыт, маны утары хайаан да охсуһуохтаахпыт диэбиппит. Итинник дойдуларыгар  бэриниилээх санаалаах анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүлэринэн кытта барбыт уолаттар, контрактниктар, аҕам саастаах да дьон бааллар. Улуустан барбыт контрактниктар ити дьайыылар бастакы күннэриттэн кыттыбыттара. Биир уолбут бааһыран, Санкт-Петербурга госпитальга эмтэнэ сытар. Онно эмиэ төрөөбүт улууһуттан көмө оҥоһулла турар.

Дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну иитэр суолталаах үлэ сөргүтүллэр кэмэ кэллэ. Биһиги ордук эдэр ыччаттарга кыра саастарыттан нацизм, фашизм диэн тугун быһааран кэпсиирбит наадалаах, улахан былааннаах үлэ барыахтаах. Итинник санаанан биһиги, бэтэрээннэр, оскуолаларга иитэр үлэҕэ кыттыһаммыт, бэйэбит кылааппытын киллэриэхтээхпит. Билигин оҕолор саллааттарга суруктары суруйан ыыталларыгар оскуолалары кытта кэпсэтэ сылдьабыт. Уустук кэмҥэ бары сомоҕолоһон, быстах хомуурга барбыт дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, бэйэ бэйэбитигэр көмөлөһүөхтээхпит. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн дойдуга тапталга, бэриниилээх буолууга иитиэхтээхпит диэн ыҥырабыт. Кистэл буолбатах – иитии үлэтэ аанньа ыытыллыбат буолбута баар суол. Ордук тэлэбиидэнньэнэн, гаджеттарынан арҕааҥы сыаннастары соҥнооһун күүскэ бара турар. Оҕолорго ол дьайыыта омсолооҕо көстөн турар. Биһиги онно үлэ ыыппатах буруйдаахпыт, ону көннөрүнэр кэм тирээтэ.
Быстах хомуурга барбыт дьоммутунан бары киэн туттабыт, кинилэр биһиги дойдубут дьоруойдара буолаллар. Тоҕо диэтэххэ, бэйэ олоҕун кэрэйбэккэ барыы диэн кытаанах быһаарыныы буоллаҕа. Ыҥырыыны тутаат, биһиги оҕолорбут Ийэ дойдуга суоһуур кутталы туоратыһыыны ытык иэс курдук тута ылынаннар, байыаннай хомуурга туруммуттара. Онно баралларыгар дойдубутун көмүскүү барабыт диэн бигэ саналаахтара көстөрө.
Кэнники дааннайынан, биһиги улууспутуттан барбыт байыаннай сулууспалаахтар билигин үөрэххэ сылдьаллар. Тымныйан эрэринэн саллааттарбытыгар ичигэс таҥас-сап тигиитэ, наскы баайыыта уо.д.а. үлэлэрэ барыахтаах. Хас биирдии кыһалҕалаахха көмөлөһүөххэ диэн манна дьон барыта өйдүүр уонна өйүүр.
Бара турар байыаннай дьайыы тугунан түмүктэнэриттэн барыбыт олоҕо тутулуктаах. Ол иһин барыта этэҥҥэ буоларыгар, оҕолорбут этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт. Ол баҕабыт хайаан да туолуоҕа! Арассыыйа хаһан да кыайтарбатаҕа. Бу да сырыыга кыайтарыа суоҕа диэн биһиги, уус маайалар, бигэ эрэллээхпит!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago