Ааспыт сууккаҕа авиациянан кэтээн көрүү түмүгүнэн, Уус Маайа оройуонугар 3,6 га иэннээх икки ойуур баһаара баара биллибитэ. Баһаары умулларыыга “авиалесоохрана” 26 үлэһитэ үлэлээтилэр. Ол туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ кэпсээтэ.
— Ойуур баһаарын умулуннарар авиационнай сулууспалар түргэнник үлэлээбиттэрин түмүгэр, 2,2 га иэннээх сиргэ баһаар умуруорулунна. Иккис баһаары умулларыыга үлэ барар, — диэн кини иһитиннэрдэ.
Ону тэҥэ, ааспыт сууккаҕа Абый улууһугар 0,1 гаа иэннээх сиргэ хонуу баһаарын умуруорбуттар.
Ленскэй, Чурапчы, Уус Маайа, Томпо, Бүлүү улуустарыгар үрдүк, 4-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтонно.
Дьокуускай куорат, Алдан, Абый, Амма, Бүлүү, Уус Алдан, Эбээн Бытантай улуустарыгар баһаары утары оһуобай эрэсиим киллэрилиннэ.
Бу сааскыттан ыла 145,2 гаа иэннээх сиргэ 25 ойуур баһаара, 1279 гаа иэннээх сиргэ ландшафтнай баһаар буолбут.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…