Уус Маайа улууһугар эһэни бултаһар суһал биригээдэ үлэлиир

Share

2024 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Уус Маайа улуустааҕы дьаһалтатыттан олохтоох экологическай кэтэбил инспекциятыгар сайабылыанньа ыытыллыбыта.

Хаартыска: @ecoyakutia саайтан
Хаартыска: @ecoyakutia саайтан

Нэһилиэктэр уонна бөһүөлэктэр аттыларыгар олохтоох дьон торҕон эһэлэр баалларын чаастатык бэлиэтиир буолбуттар. Онтон сылтаан СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ 2024 сыл сэтинньи 8 күнүгэр ахсааныттан көрөн 5 эһэни дьаһайар туһунан быһаарыыта тахсыбыта.

Бу быһаарыыны толорорго Уус Маайатааҕы экологическай кэтэбил инспекцията 14 булчуттан уонна 2 иниспиэктэртэн турар оперативнай биригээдэни тэрийбитэ. Кинилэр Уус Маайа, Элдьикээн, Солнечнай бөһүөлэктэр, Петропавловскай, Күп сэлиэнньэлэр аттынааҕы сирдэрин кэтээн көрөллөр, суоллаан тиийэн хас да адьырҕаны дьаһайдылар.

Билиҥҥи туругунан 3 торҕон эһэ дьаһайылынна.

Эһэлэр эттэриттэн уонна бастарыттан боруоба ылан, Биологическай проблемалар институттарыгар ыытыахтара, биологическай эспэртиисэ түмүгүнэн кыыллар тоҕо арҕахха киирбэтэх биричиинэлэрэ быһаарыллыа, диэн @ecoyakutia иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago