Уус Маайа улууһугар саҥа балыыһа комплекса аһылынна

Share

Ыам ыйын 31 күнүгэр Уус Маайа улууһун Уус Маайа бөһүөлэгэр  45 куойка миэстэлээх поликлиникалаах, диагностика отделениелаах балыыһа комплексын  үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома ыытылынна.

Ил Дархан Айсен Николаев балыыһа комплексын саҥа эбийиэгэ аһыллыыта  олохтоохторго доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр мэдиссиинэ көмөтүн уонна хаачыстыбатын үрдэтиигэ көмөлөһөрүн бэлиэтээтэ. Эбийиэк уопсайа 6 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх. Улууска аан бастакытын  томография аппараата турда, УЗИ  уонна аныгы лаборатория тэрилиннэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

«Бүгүн биһиги улууска аныгы оборудованиенан толору хааччыллыбыт үчүгэй саҥа эбийиэги астыбыт. Сүрүнэ диэн билигин олохтоохтор эрэйи-муҥу көрсүбэккэ, мэдиссиинэ көмөтүн барытын миэстэтигэр ылыахтара. Балыыһаҕа дьон доруобуйатын тупсарыыга уонна хас биирдии ыарыһахха харыстабыллаах сыһыаны үрдэтиигэ үтүө холобурунан буолуоҕа диэн эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.

Уус Маайа улууһугар  саҥа балыыһа комплексын тутуута РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыак бастакы звенотун модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн Саха сирин киин балыыһаларын бастакы биэс улахан эбийиэгин ахсааныгар киирдэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Саҥа балыыһа комплексын арыйыы уонна саҥа оборудованиенан хааччыйыы урут Уус Маайа киин балыыһатыгар туһыналлыбатах эмтээһин саҥа ньымаларын олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөҕэ диэн тэрилтэ кылаабынай бырааһа Татьяна Рогожина бэлиэтээтэ. Сиһилии манна аах.

Уус Маайаҕа саҥа комплекс 45 куойкалаах, симиэнэҕэ 104 киһи сылдьар поликлиникалаах, диагностика отделениелаах, оҕолору уонна улахан дьону көрөр отделениелаах.

2024 сылга Саха сиригэр барыта 14 быраас амбулаторията уонна биэлсэр-акушер пууннара (модуль конструкциялаах) ааннарын арыйыахтара. Бу үлэ эмиэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн ыытыллар.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ольга Балабкина: «Биһиги Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыччаты патриотическай иитиигэ бэлиитикэтин өйдүүбүт»

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии саҕаланна. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солуйааччы Ольга Балабкина «Путь…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Петр Шамаев: «Күрэхтэһиигэ күүс-күдэх эрэ буолбакка, өй-санаа, билии-көрүү, үөрүйэх элбэҕи быһаарыа»

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии аһылынна. Күрэхтэһиигэ Арассыыйа түөрт эрэгийиэниттэн: Хабаровскай кыраайтан, Волгоградскай…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Путь воина» күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна

Бүгүн «Энергетик» оҕо лааҕырын баазатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Күрэхтэһии…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Наушник уорбут эдэр киһи икки сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускайдааҕы полиция 2-с №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар көмпүүтэрдиир кулууп бэрэстэбиитэлэ наушник уоруллубутун туһунан иһитиннэрбит. Бу…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа кыайыыта хаһааҥҥытааҕар да итэҕэтиилээх буолла

Сорох социальнай ситимҥэ "Биир ньыгыл Арассыыйа" бэлитиичэскэй баартыйа балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи быыбарга бэйэтигэр ылыммыт…

11 часов ago
  • Уопсастыба

Үөрэнээччи күҥҥэ хайдах аһыахтааҕый?

Оҕо ыалдьыбатын уонна уруоктар кэннилэриттэн сылайбатын туһуттан сөпкө аһыы-сии сылдьыахтаах. Үөрэнээччи күннээҕи аһылыгын рационун туһунан…

12 часов ago