Уус Маайа улууһугар атырдьах ыйын 12 күнүттэн аатырбыт эсэһит Вадим Николин салайааччылаах суһал эсэһиттэр биригээдэтэ үлэлиир.
Ону тэҥэ улуус булчуттара кыттыылаах эсэһиттэр биригээдэтэ тэрилиннэ. Бултааһын балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Бу туһунан Саха сирин Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Быйыл Уус Маайа улууһун олохтоох нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тыатааҕылар киирбит түбэлтэлэрэ бэлиэтэнэр. Оройуоҥҥа хагдаҥ эһэ дьоҥҥо тахсыыта уонча түбэлтэтэ тахсыбыт. Саха сирин Экология министиэристибэтэ тыатааҕылар олохтоохторго олохторугар-дьаһахтарыгар уонна доруобуйаларыгар кутталы үөскэппиттэринэн 26 хагдаҥ эһэ ахсаанын аҕыйатарга быһаарыы таһаарда. Түмүгэр бу күннэргэ барыта түөрт эһэ бултанна. Бу боппуруос олус сытыытык турарынан уонна киэҥ хабааннаах уопсастыбаҕа дьүүллэһии таһаарбытынан Уус Майатааҕы судаарыстыбаннай экологическай надзор инспекциятынан эсэһиттэр биригээдэтэ тэрилиннэ. Биригээдэҕэ араас сэлиэнньэттэн уонна бөһүөлэктэртэн 17 булчут киирбит. Итини кытта атырдьах ыйын 12 күнүттэн Дьокуускайтан аатырбыт эсэһит Вадим Николин салайааччылаах биригээдэтэ үлэлиир.
Суһал биригээдэ эсэһит биригээдэлэрин кытта аҕыс эбийиэккэ чинчийиини ыыттылар. Мантан биэс сиргэ сохсо туруорулунна. Тэрээһиннэр балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри ыытыллыахтара.
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…