Уус Маайа үс мэндиэмэннээх балыыһаланыа
Уус Маайаҕа национальнай бырайыагынан аныгы балыыһа комплекса тутулла турар, билигин үһүс мэндиэмэҥҥэ үлэ ыытыллар. Тутууну кэлэр сыл бүтүүтүгэр түмүктүүр былааннаахтар.
«Кыраапыктан хаалыы суох, үлэ тэтимэ үчүгэй. Уопсайа түөрт уонча киһи үлэлиир. Күн-дьыл туругуттан көрөн, үлэни-хамнаһы тохтоппокко салгыыр былааннаахтар», — диэн оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Татьяна Рогожина этэр.
«Барыта биир дьиэҕэ баар буолара олус үчүгэй, табыгастаах. Билигин поликлиника туспа турар, балыыһа эмиэ атын сиргэ баар. Оттон манна, саҥа балыыһаҕа МРТ, УЗИ аппарааттара баар буолаллара буоллар, дьон-сэргэ куоракка айанныы сатаабакка, барытын биир сиргэ кэлэн көрдөрүөхтэр этэ», — диэн Уус Маайа улууһун олохтоохторо санааларын үллэстэллэр.
Саҥа балыыһа үлэҕэ киирдэҕинэ, манна 45 куойкалаах стационар, биир симиэнэҕэ 104 киһини көрөр поликлиника, о.д.а. отделениелар баар буолуохтара. Балыыһа комплекса «Доруобуйа» национальнай бырайыагынан доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥадан оҥоруу бырагырааматынан ыытыллар.
Хаартыскалар: улуустааҕы киин балыыһаттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: