Уус Маайаҕа балыыһа 2024 сыл саҥатыгар үлэҕэ киириэҕэ

Уус Маайаҕа балыыһа 2024 сыл саҥатыгар үлэҕэ киириэҕэ

Ааптар:
03.08.2023, 17:51
Андрей Сорокин хаартыската, СИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Уус Маайа улууһугар тутулла турар саҥа балыыһаҕа тиийэ сырытта.

45 сытар миэстэлээх, күҥҥэ 104 ыарыһаҕы көрөр кыамталаах аныгы поликлиника бу сыл бүтүөр диэри туттарыллыахтаах. 2024 сыл маҥнайгы ыйыттан ыарыһахтары көрүү саҕаланыахтаах.

Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулла турар эбийиэк сотору үлэҕэ киирэн дьоҥҥо туһалыаҕа. Саҥа балыыһа үлэтин хааччыйарга анаан 3,5 , тыһыынча кэриҥэ араас эмтииргэ уонна чинчийэргэ аналлаах тэриллэр атыылаһыллан тураллар. Бу иһигэр күндү сыаналаах тиэхиньикэ – компьютернай томограф, аныгы рентген аппараата бааллар. Балыыһаҕа кислород ыстаансыйата баар буолуо, палааталарга быһалыы кислороду тиксэрэр ханаал таҥыллыаҕа. Уус Маайа нэһилиэнньэтэ бэйэлэрин улуустарыгар аныгы олоххо эппиэттир көмөнү ылыах тустаахтар”, — диэн эттэ Ил Дархан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 56% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: