Салгыы
Уус Маайаҕа бэкээринэ үлэтин чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Уус Маайаҕа бэкээринэ үлэтин чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Ааптар:
28.11.2024, 09:00
Хаартыска: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Уус Маайаҕа бэкээринэ умайбытынан килиэби Дьокуускай куораттан таһар буолуохтара. Бу туһунан социальнай ситимнэринэн улуус баһылыгын солбуйааччы Николай Уаров иһитиннэрэр.

«Килиэп сыанатын урукку таһымыгар хаалларар туһугар биһиги Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин кытта Аммаҕа диэри тиэрдэргэ кэпсэтиини ыытабыт. Онтон килиэби урбанньыттарбыт Уус Маайаҕа диэри бэйэлэрэ тиэрдиэхтэрэ», — диэн этэр кини. Бэкээринэ урут күҥҥэ 600-чэ килиэби буһаран нэһилиэнньэҕэ, бөһүөлэк тэрилтэлэринэн уонна Петропавловскай куоракка тиэрдэн биэрэрэ биллэр.

«Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх кыһатын тэрилтэлэрэ итинтэн тутулуктамматтар. Кинилэр килиэптэрин бэйэлэрин күүстэринэн оҥорон таһаарыахтара. Хас биирдии тэрилтэҕэ бэйэлэрэ бэкээринэлээхтэр. Онон оскуолалар, оҕо уһуйааннара уонна балыыһалар килиэбинэн толору хааччыллыахтара. Биһиэхэ атын кэтэх бэкээринэлэр, Дьокуускайтан килиэп таһар урбаанньыттар эмиэ бааллар. Кинилэр күүстэринэн бу хайысхаҕа ис ырыынак оннун булуоҕа», — диэн Николай Уаров эрэннэрэр.

Баһаар кэнниттэн бэкээринэ дьиэтин чөлүгэр түһэрэр кыах суох. Оборудование барыта уокка былдьаммыт. Билигин саҥа тиэхиньикэни атыылаһыы туһунан боппуруостары быһаараллар. Уус Маайа куорат тииптээх бөһүөлэгэ Дьокуускайтан соҕуруулуу-илин диэки 310 км тэйиччи ыраах сытар. Бөһүөлэккэ 2,5 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор.

Санаттахха, Уус Маайа бөһүөлэгэр Горькай уулуссаҕа бэкээринэ умайбыта. Баһаар тахсыбыт иэнэ 170 кв.м. 

Уус Маайаҕа бэкээринэ умайда

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: