Уус Маайаҕа бэкээринэ үлэтин чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Share

Уус Маайаҕа бэкээринэ умайбытынан килиэби Дьокуускай куораттан таһар буолуохтара. Бу туһунан социальнай ситимнэринэн улуус баһылыгын солбуйааччы Николай Уаров иһитиннэрэр.

«Килиэп сыанатын урукку таһымыгар хаалларар туһугар биһиги Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин кытта Аммаҕа диэри тиэрдэргэ кэпсэтиини ыытабыт. Онтон килиэби урбанньыттарбыт Уус Маайаҕа диэри бэйэлэрэ тиэрдиэхтэрэ», — диэн этэр кини. Бэкээринэ урут күҥҥэ 600-чэ килиэби буһаран нэһилиэнньэҕэ, бөһүөлэк тэрилтэлэринэн уонна Петропавловскай куоракка тиэрдэн биэрэрэ биллэр.

«Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх кыһатын тэрилтэлэрэ итинтэн тутулуктамматтар. Кинилэр килиэптэрин бэйэлэрин күүстэринэн оҥорон таһаарыахтара. Хас биирдии тэрилтэҕэ бэйэлэрэ бэкээринэлээхтэр. Онон оскуолалар, оҕо уһуйааннара уонна балыыһалар килиэбинэн толору хааччыллыахтара. Биһиэхэ атын кэтэх бэкээринэлэр, Дьокуускайтан килиэп таһар урбаанньыттар эмиэ бааллар. Кинилэр күүстэринэн бу хайысхаҕа ис ырыынак оннун булуоҕа», — диэн Николай Уаров эрэннэрэр.

Баһаар кэнниттэн бэкээринэ дьиэтин чөлүгэр түһэрэр кыах суох. Оборудование барыта уокка былдьаммыт. Билигин саҥа тиэхиньикэни атыылаһыы туһунан боппуруостары быһаараллар. Уус Маайа куорат тииптээх бөһүөлэгэ Дьокуускайтан соҕуруулуу-илин диэки 310 км тэйиччи ыраах сытар. Бөһүөлэккэ 2,5 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор.

Санаттахха, Уус Маайа бөһүөлэгэр Горькай уулуссаҕа бэкээринэ умайбыта. Баһаар тахсыбыт иэнэ 170 кв.м. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сииттэлэр тыһыынча собону соркуойдаан ыыттылар

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин дьоно эмиэ атын нэһилиэктэр курдук, байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолоругар ким туох…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Гаврил Курилов-Улуро Адо аймахтарыгар кутурҕанын биллэрдэ

Дьүкээгир суруйааччыта, филологическай билим дуоктара, Саха сирин бочуоттаах гражданина Гаврил Курилов- Улуро Адо 86 сааһыгар олохтон…

23 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куорат 3 олохтооҕо түөкүттэргэ албыннатан 6,5 мөл. солк. харчыларын сүтэрдилэр

Суукка иһигэр Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сиригэр аракыата тобохторо түһүөхтэрэ

Восточнай космодромҥа «Кондор-ФК» иккис радиолокационнай спутниктаах «Союз- 2.1 а» аракыатаны көтүтэргэ бэлэмнээтилэр.  Бу туһунан Роскосмос…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Элбэх оҕолоох аҕа «Toyota Allion» массыынатын былдьатта

Мэҥэ Хаҥалас оройуоннааҕы суутун бириигэбэрэ күүһүгэр киирэн, оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ физическай култуураҕа инструктор, 4 оҕолоох,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа судаарыстыбаннай бырааһынньык баар буолла

Арассыыйаҕа Муора пехотатын күнэ сыл ахсын сэтинньи 27 күнүгэр бэлиэтэниэҕэ. Бу туһунан Ыйаахха РФ Бэрэсидьиэнэ…

3 часа ago