Уус Маайаҕа сүппүт эр киһи көһүннэ

Share

Уус Маайа улууһугар Белькачи сэлиэнньэттэн чугас сүппүт 37 саастаах эр киһи көһүннэ.

Тыаҕа муммут эр киһи икки нэдиэлэнэн ойуур баһаарын умуруорар бириигээдэ лааҕырыгар бэйэтэ тиийбит. Бу туһунан Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Санаттахха, баҕа санаатынан ойуур баһаарын бохсууга тиийбит эр киһи от ыйын 10 күнүгэр  биригээдэ лааҕырыттан чугас дэриэбинэҕэ айанныырга санаммыт уонна тиийиэхтээх сиригэр көстүбэтэх. От ыйын 12 күнүгэр кинини көрдүү «Полярные  авиалинии» АХ бөртөлүөтүнэн биэс быыһааччы көппүт. Көрдүүр-ирдиир дьаһалларын түмүгэр киһи булуллубатах. Ол кэннэ түөрт быыһааччы, үс «Авиалесоохрана»  үлэһиттэрэ уонно олохтоох дьон көмөлөрүнэн көрдүүр үлэ нэдиэлэттэн ордук хонук устата ыытыллыбыт. Муммут киһи биир да аһа-үөлэ суох сылдьан, чалбахтан уу иһэ сылдьыбыт. Иккитэ тыатааҕыны көрсүбүт эрээри, хата, дьолго адьырҕа кыыла тыыппатах. Минерализованнай балаһаны көрөн, ол устун кыйа батыһаннаран айаннаабыт.

Бэҕэһээ, от ыйын 20 күнүгэр, киэһэ 5 чаас кэннэ сүппүт эр киһи лааҕырга бэйэтэ тиийбит. Наһаа ырбыт, дьүдэйбит эр киһини балыыһаҕа киллэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
11
+1
1
+1
1
+1
3
+1
4
+1
3
+1
10

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

3 часа ago