Уус Маайаҕа уонна Элгээйигэ саҥа балыыһаланыахтара
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ саҥа эбийиэктэрэ эбиллиэхтэрэ. Ол курдук, Уус Маайа улууһун Уус Маайа сэлиэнньэтигэр балыыһа комплекса уонна Сунтаар улууһун Элгээйитигэр амбулатория тутуллуохтара.
Саҥа эбийиэктэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн олоххо киллэриллэллэр.
Уус Маайаҕа саҥа комплекс 45 куойкалаах, симиэнэҕэ 104 киһи сылдьар поликлиникалаах, диагностика отделениелаах, оҕолору уонна улахан дьону көрөр отделениелаах буолуоҕа.
Онтон Элгээйитээҕи улахан амбулаторияҕа, ол эбэтэр 800 кв.миэтэрэ иэннээх таас дьиэҕэ симиэнэҕэ 36 киһи сылдьар кыахтаах, 6 куойкалаах күнүскү стационардаах.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ону таһынан өссө 8 саҥа эбийиэк былааннанар:
Амма с. симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар поликлиника,
Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр учаастактааҕы балыыһа,
Бүлүү уонна Ньурба куораттарга, Андреевскай с. уонна Нам с. эмтэнэр куорпустар,
Сангаар уонна Майа с. балыыһа комплекстара тутулла тураллар.
2024 сылга Саха сиригэр барыта 14 быраас амбулаторията уонна биэлсэр-акушер пууннара (модуль конструкциялаах) ааннарын арыйыахтара. Бу үлэ эмиэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: