Уус Маайаҕа уонна Элгээйигэ саҥа балыыһаланыахтара

Share

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ саҥа эбийиэктэрэ эбиллиэхтэрэ. Ол курдук, Уус Маайа улууһун Уус Маайа сэлиэнньэтигэр балыыһа комплекса уонна Сунтаар улууһун Элгээйитигэр амбулатория тутуллуохтара.

Саҥа эбийиэктэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын  доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн олоххо киллэриллэллэр.
Уус Маайаҕа саҥа комплекс 45 куойкалаах, симиэнэҕэ 104 киһи сылдьар поликлиникалаах, диагностика отделениелаах, оҕолору уонна улахан дьону көрөр отделениелаах буолуоҕа.
Онтон Элгээйитээҕи улахан амбулаторияҕа, ол эбэтэр 800 кв.миэтэрэ иэннээх таас дьиэҕэ симиэнэҕэ 36 киһи сылдьар кыахтаах, 6 куойкалаах күнүскү стационардаах.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ону таһынан өссө 8 саҥа эбийиэк былааннанар:

Амма с. симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар поликлиника,

Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр учаастактааҕы балыыһа,

Бүлүү уонна Ньурба куораттарга, Андреевскай с. уонна Нам с. эмтэнэр куорпустар,

Сангаар уонна Майа с. балыыһа комплекстара тутулла тураллар.

2024 сылга Саха сиригэр барыта 14 быраас амбулаторията уонна биэлсэр-акушер пууннара (модуль конструкциялаах) ааннарын арыйыахтара. Бу үлэ эмиэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн ыытыллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Манчаары оонньууларын» кыттыылаахтарын уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр!

Бүлүү улууһун Бастакы Тоҕус нэһилиэгэр, Тыымпы сэлиэнньэтигэр "Манчаары оонньууларын" кыттыылаахтарын уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэр. Бу туһунан социальнай…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрүстэргэ уу таһыма үрдээн үс улуус үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр көһөрүлүннэ

Саха сирин хотугулуу-илин уонна илин өттүгэр ардахтар хото түһэннэр, уу таһыма үрдээбитэ бэлиэтэнэр, ол иһигэр…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники хонукка икки баһаар умуруоруллубут

Кэнники хонукка Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ улуустарын сиригэр-уотугар уопсайа  3,8 гектардаах сири хаппыт икки ойуур баһаарын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Колодезников уһуйааччы быһыытынан «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» бырагыраамаҕа

Бырагыраама уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ, "Сахатранснефтегаз" АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников "Саха сирэ -- дьоруойдар дойдулара"…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА экологтара “Зелёный проект 2.0” грант куонкуруһугар сайаапкалары хомуйаллар

АЛРОСА Экологияҕа киинэ “Живые алмазы Якутии” паарканы тупсаран оҥорон эрэгийиэннээҕи бырайыактар граннарын куонкуруһа саҕаламмытын иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пилота суох көтөр аппарааттар көмөлөрүнэн ойууру кэтээн көрүү күүһүрдүллэр

Саха сиригэр  пилота суох, тепловизордаах  35 аппараат көмөтүнэн ойууру кэтээн көрүүнү күүһүрдэллэр. Саха сиригэр ойууру кэтээн көрөргө…

2 часа ago