Уус Маайа оройуонугар уу таһымын кэтээн көрөллөр

Share

Уус Маайа оройуонугар уу таһыма үрдээбитинэн сибээстээн, үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ киллэрилиннэ.

Бары сулууспалар бары бигэргэтиллибит боротокуолларынан сөп түбэһиннэрэн үлэлииллэр, нэһилиэктэр баһылыктара миэстэлэригэр бааллар, халаан уутун таһымын кэтээн көрүүлэрэ ыытыллаллар. Бу туһунан оройуон баһылыга Александр Азаров иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, халаан уута намыһах сирдэри ылар. Ол да буоллар, билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэни эвакуациялааһын ирдэммэт. Олохтоохтор ортолоругар өйдөтөр үлэлэр ыытыллаллар.

«Биһиги бары наадалаах тэрээһиннэри ыытабыт. Билигин оройуоҥҥа киритиичэскэй балаһыанньа суох, ЫБМ эрэсииэ киллэриллибэт», — диэн оройуон баһылыга бэлиэтээтэ.
Нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн, эминэн-томунан, уунан уонна тырааныспарынан хааччыйыы толору кээмэйинэн ыытылынна. Сылааһынан хааччыйар тэрилтэлэр уонна энергетика эбийиэктэрэ штатнай эрэсииминэн үлэлииллэр.

Быстах кэмҥэ олордор (ПВР) пууннар бэлэмнээхтэрэ бигэргэтилиннилэр — эппиэттээх дьону анаатылар, наадалаах малларынан хааччылыннылар. Чөлүгэр түһэриигэ уонна быстах кэмҥэ олордор пууну тэрийиигэ 5 мөл. солк. кэриҥэ үп-харчы көрүллүбүт. Бородууктаны уонна иһэр ууну тиэрдиигэ дуогабардар түһэрсилиннилэр. Үөрэх бырасыаһыгар кэһиллии тахсыбата — БКЭ-ни туттарыы кыраапыгынан ыытыллар.

«Оскуолалары халаан уута ылбата, онон үөрэх бырсыаһа тохтообото. Аһы-үөлү уонна сибээһи тиэрдиигэ резервнэй источниктар бааллар», — диэтэ Уус Маайа оройуонун баһылыга. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга кыралаан ардыыра, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, бэс ыйын 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар кыралаан ардыыра, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэнсиэрдэрэ сэргэхтик ааста

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Биэс оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Айаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ!

Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…

12 часов ago
  • Сыыппара
  • Үөрэх

ИТ-хайысханан үлэ булар чэпчээтэ

Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгри ыалдьыттары көрсөргө тэтимнээхтик бэлэмнэнэр

Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар  эппиэттээх исписэлиистэрэ,…

13 часов ago