Уус Ньараҕа — оҕо былаһаакката

Share

Уус Ньараҕа кырачааннар саҥа былаһааккаҕа тардыһаллар.

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраама Саха сиригэр ситиһиилээхтик салҕанар. Оҕолор астына оонньуулларыгар, ыччаттар успуордунан дьарктаналларыгар, аҕам саастаахтар дуоһуйа сэһэргэһэллэригэр анаан бэртээхэй кыра пааркалар оҥоһулланнар тыа сирдэригэр улахан сэргэхсийиини таһаараллар.

«Бу РФ бэрэсидьиэнин  Уһук Илин федеральнай уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөбүлүнэн ыытыллар олоххо киллэрэр инники күөҥҥэ тахсыбыт тэрээһиннэрбититтэн биирдэстэрэ. Тупсаҕай усулуобуйаны тэрийии нэһилиэнньэ социальнай бигэ туруктаах буолуутугар улаханнык дьайар. Аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир тиэргэн дьон олоҕун хаачыстыбатын биллэ тупсарар. Үлэ бары тэрээһиннэрэ болдьоҕор уонна хаачыстыбалаахтык оҥоһуллуохтаахтар«, — диэн СӨ Айсен Николаев бэлиэтээн турар.

Соторутааҕыта тиэргэннэри саҥардан оҥоруу бырагырааматыгар киллэриллибит икки уопсастыбаннай сиртэн-уоттан,  биирэ Уус Ньара бөһүөлэгэр оҥоһулунна. Бу туһунан «Северная Заря» оройуоннааҕы хаһыат иһитиннэрэр.

Уус Ньараҕа Молодежнай уулусса 4 №-дээх дьиэтин уонна Мацкепладзе уул. 5 , 7 №-дээх  дьиэтин олохтоохторо көхтөөхтүк кыттаннар, элбэх куолаһы ылан, күөн күрэһи ааспыттар. Бырайыактыыр-сметнай документация Дьокуускайга «Эйгэ» Архитектура бюрота» ХЭУо оҥоһуллубут.

Бэдэрээччит салгыы Мацкепладзе уулуссатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэ сирин-уотун тупсаран оҥоруу үлэтин түмүктүө.

Уус Ньара олохтоохторо былаһаакка аныгы матырыйаалларынан олус үчүгэйдик оҥоһуллубутун бэлиэтииллэр. «Саҥа былаһаакка чаҕылхай өҥнөөх, кырачааннар болҕомтолорун тардар. Оҕолор үөрэ-көтө, астына оонньуу сылдьалларын көрөр олус үчүгэй. Аныгы эбийиэктэри тутуу, тупсарыы туох да мөккүөрэ суох ханнык баҕарар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа үчүгэй дьыаланан буолар. Буолан баран, хоту дойдуга. Дьоҥҥо табыгастаах буоларын туһугар кыһамньыларын ууралларыттан үөрэбит«, — диэн бөһүөлэк олохтоохторо Ольга Кальмина уонна Анатолий Бахарев үөрүүлэрин үллэстэллэр.

2022 сыл сэтинньи ыйыгар диэри өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 124 тиэргэн тупсарыллан үлэҕэ киириэхтээх. Мантан 75 — Дьокуускайга, 49 — улуустарга, ол иһигэр арктическай оройуоннарга.

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан Кэбээйи, Сунтаар, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Маайа, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Амма, Ньурба, Томпо, Өймөкөөн, Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Ленскэй, Горнай, Чурапчы, Алдан, Бүлүү, Жатай уонна Дьокуускай тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэннэнэллэр.

Хаартыскалар: «Северная заря» Өймөкөөн улууһун хаһыатыттан, Улуус.медиаттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago