Бырабыыталыстыба отчуотугар Уус Тааттаҕа улахан сааланы толору, 70-тан тахса киһи кэлбит. Кинилэр атах тэпсэн олорон кэпсэтэри суохтаабыттарын, кэтэспиттэрин эттилэр.
Уус Тааттаҕа сүрүн туруорсар боппуруостара — дьиэҕэ барытыгар ититии ситимин киллэрии уонна уһуйаан дьиэтин туттарыы буолар. Таас оскуола баар эрээри, олус тымныы, онон хапытаалынай өрөмүөн наада диэн дириэктэр Анна Кочнева этиннэ.
Бу улуус киинин кэнниттэн, иккис улахан сэлиэнньэ, 1138 киһи олорор. Оттуур сирдэрэ аҕыйах эрээри, элбэх сүөһүнү, сылгыны иитэллэр.
Ититии ситимигэр толору холбонуу тоҕо кыаллыбатый? Дьиҥинэн, улахан кыамталаах саҥа хочуолунай тутуллубут. Уус Тааттаҕа, Кыйыга, Дэбдиргэҕэ маннык хочуолунайдар кыамталарын 25-30% эрэ туһанан олороллор. Бары дьиэлэри холбуурга анал бырагыраамаҕа киириэххэ наада. Бу мантан тардыллан хаалар эбит. Сайаапканы Москваҕа »Фонд реформирования ЖКХ» биэрбиттэр, эппиэти күүтэллэр. Сергей Местников эппитинэн, »сайаапканы төттөрү быраҕыы суоҕун кэриэтэ, ылыналлар, оттон биһиги хонтуруоллуохпут» диэн эрэннэрдэ.
Оттон уһуйаан туһунан эттэххэ, бырайыага оҥоһуллубут, судаарыстыбаннай эспэртиисэни ааспыт. Онон инвестбүддьүөккэ да, бырагыраамаҕа да киирсэргэ улахан олук оҥоһуллубут диэн бөлөҕү салайан кэлбит, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээтэ.
Маны тэҥэ, олохтоохтор аптека наада, быраас баар буолуохтаах диэн туруорустулар. Маннык улахан сэлиэнньэҕэ ити суоҕа, чахчы өйдөммөт. Бу боппуруос боротокуолга киирдэ.
Уус Таатта дохсун сүүрүктээх Алдан өрүс кытылыгар турар. Өссө намыын-намчы Таатта үрэх кэлэн түһэр. Биэрэк сиҥниитэ баар, Никифор Бурнашов этэринэн, кини дьиэтигэр уонча миэтэрэ чугаһаабыт. Дьиэм ууга барара чугаһаата диэн ыксыыр. Былырыыҥҥыттан федеральнай субвенция көрүллэн, үлэ барар. Икки сылга 9 мөлүйүөн 718 тыһыынча солкуобай көрүллүбүт. Барыта 400 миэтэрэ кэриҥэ бөҕөргүөхтээх.
Уус таатталар бу отчуокка олус көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр, мантан да элбэх боппуруос киирдэ. Кэнники кэмҥэ баһылык Егор Постников салалтатынан үлэ-хамнас ыытылларын, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга кыттыы баарын бэлиэтээтилэр. »Манчаары оонньууларын» көрсө өссө элбэх үлэ ыытыллаары турар. 2024 сылга Ытык Күөлгэ диэри аспаал суол тыргыллыа. Онон бырабыыталыстыба үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…