Уус-уран тылбааска Савва Тарасов аатынан бириэмийэ олохтонуоҕа

Share

Муус устар 25 күнүгэр Литература түмэлигэр саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, суруналыыс, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сылынан ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Кини 1993-1998 сылларга Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайбыта.

Хаартыска: Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-сулууспата.

Бу дьоро күҥҥэ бэйиэт аймахтара,  Горнай улууһун уонна Солоҕон нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, Саха тыйаатырын артыыстара, Олоҥхо Ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев саха тылын эйгэтин кэҥэппит ытыктыыр биир дойдулаахтарын аатын үйэтитэргэ үлэлэрин билиһиннэрдэ. Никита Викторович быйылгы сылтан Горнай улууһун дьаһалтата Савва Тарасов аатынан уус-уран тылбааска анал бириэмийэни олохтуурун биллэрдэ. Ол эбэтэр,  бу бириэмийэни быйыл «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммит бастыҥ тылбаас ааптара тутуоҕа.

Ону тэҥэ, норуот бэйиэтигэр аналлаах түмэл тэрийэргэ үлэлэһэ сылдьалларын иһитиннэрэн, мустубут дьону үөртэ. Горнай улууһун дьаһалтата литератураҕа уонна духуобунаска тиһигин быспакка болҕомто уураллара, Суруйааччы сойууһун кытта бииргэ үлэлэһэллэрэ хайҕаллаах.

Савва Тарасов Өрөспүүбүлүкэ өрөгөйүн ырыатын тылын айбыт өлбөөдүйбэт өҥөлөөх. Кини  олоҥхо аан дойдуга ааттаныытыгар быһаччы кыттыгастааҕа – Олоҥхо Ассоциациятын салайбыта. Ону тэҥэ, Шекспиры уонна Еврипиды сахалыы саҥардан, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академиялыы тыйаатырын үрдүкү кэрдиискэ тахсарыгар олук уурсубута.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

15 часов ago