Уустуйаҕа 30 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ
24.04.2024, 13:42

Хаартыска: https://t.me/suntaar_ulus
Бөлөххө киир:
Бүгүн, муус устар 24 күнүгэр, Сунтаар улууһун Уустуйа нэһилиэгэр «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан 30 кыбартыыралаах дьиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киллэрилиннэ.
Уустуйа улуус кииниттэн икки килэмиэтирдээх сиргэ, өрүс нөҥүө баар. Бүгүҥҥү туругунан 500-кэ нэһилиэнньэлээх.
Бүгүн олохтоохтор өр күүппүт күннэрэ үүнэн, хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорооччулар саҥа кыбартыыра күлүүстэрин туттулар. Эбийиэги олохтоох «СунтарЦеолит» ХЭТ туппутун туһунан улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.










Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: