Ууттан эмсэҕэлээбиттэргэ көрүллэр төлөбүргэ 5 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ
Ууттан эмсэҕэлээбиттэргэ көрүллэр төлөбүргэ 5 тыһ. тахса сайабылыанньа киирдэ. Бу туһунан брифинг кэмигэр Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Анатолий Алексеев иһитиннэрдэ.
Эрдэ этиллибитин курдук, Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба улуустарыгар 3497 ууга барбыт киһи баар. Хас биирдиилэрэ иккилии сайабылыанньаны суруйаллар – матырыйаалынай уонна үбүнэн көмөҕө. Докумуоннары судаарыстыбаннай өҥө порталынан ылаллар. Бэрээдэк быһыытынан сайабылыанньаны тутуу бүтэһик болдьоҕо – бэс ыйын 18 күнэ.
“Ыам ыйын 29 күнүнээҕи туругунан барыта 5335 сайабылыанньа киирдэ, ол иһигэр биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү ылыыга – 2829, баай-дуол эмсэҕэлээбитинэн сибээстээн көрүллэр харчынан көмөҕө — 2506”, – диэн спикер иһитиннэрэр.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыксаллаах быһыыттан-майгыттан эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүр 2-4 төгүл эбиллибитэ. Эрэгийиэҥҥэ биир киһиэхэ көрүллэр матырыйаалынай көмө кээмэйэ 10 тыһ. солк. тэҥнэһэр, бастаан утаа туттуллар баай-дуол эмсэҕэлээбитинэн сибээстээн көрүллэр харчынан көмө – 100 тыһ. солк. диэри (олоччу былдьаммыт буоллаҕына – 10 тыһ. солк., кыратык буоллаҕына – 50 тыһ. солк.).
“Дьонтон киирбит сайабылыанньалары көрүү түмүгүнэн Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министэристибэтэ биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү уонна бастаан утаа туттуллар баай-дуол эмсэҕэлээбитинэн сибээстээн көрүллэр харчынан көмөҕө наадыйар дьон испииһэгэ күннэтэ бигэргэнэн иһиэҕэ. Бигэргэммит испииһэккэ олоҕуран, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара дьоҥҥо счеттарыгар харчыны ыытыахтара”, – диэн кини этэр.
Үп ыксаллаах быһыы-майгы уонна айылҕа иэдээнин туоратыы саппаас пуондатыттан көрүллэр. Бу сыалга анаан 300 мөл. солк. тахса үбү ыыттылар.
Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: