Салгыы
Билбэт сиргитигэр сөтүөлээмэҥ! Сэрэхтээх буолуҥ!

Билбэт сиргитигэр сөтүөлээмэҥ! Сэрэхтээх буолуҥ!

Ааптар:
15.07.2024, 13:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Арассыыйа ЫБММ Дьоҕус суудуналарга судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин (ГИМС) иниспиэктэрдэрэ ууттан сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.

-билбэт сирдэргитигэр сөтүөлээмэҥ

-оҕолор улахан дьоно суох сөтүөлүүллэрэ көҥүллэммэт

-бобуу бэлиэлэрэ туруоруллубут сирдэригэр сөтүөлээбэккит

-сөтүөлүүргэ көҥүллэммит сиргэ ыйыллыбыт бэлиэлэртэн тахсыа, аһары барыа суохтааххыт

-оҥочолорго, суудуналарга, о.д.а. устан иһэр тэриллэргэ харбаан тиийимэҥ

-арыгы иһэн баран сөтүөлүүр бобуллар

-ууга умсуулаах, киэҥ сиринэн харбыырдаах оонньуулары ууга оонньоомоҥ

-сөтүөлүү сылдьан дьону албыннаан сымыйанан көмөҕө ыҥырымаҥ

-ууга сөбө, көҥүлэ суох тэриллэринэн ууга хатааһылаамаҥ

-билбэт сирдэргитигэр, оҥочоттон, причаллартан, үрдүк сирдэртэн ууга умсумаҥ

Көҥүлэ суох сирдэргэ сөтүөлээмэҥ.  Сөтүөлүүргэ көҥүллэммит эрэ сирдэргэ сылдьыу, оҕоҕутун көрө-истэ сылдьаргыт булгуччулаах.

Бары сонуннар
Салгыы
9 июля
  • 19°C
  • Ощущается: 19°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: